Урбаанньыттар бырааһынньыктарыгар бэлэмнэнэллэр

Share

Ыам ыйын 26 күнүгэр бэлиэтэнэр Арассыыйа предпринимателлэрин күнүн көрсө СӨ Предпринимательство, эргиэн уонна туризм сайдыытын министиэристибэтэ бэйэтин саайтыгар ыытыллыахтаах тэрээһиннэр былааннарын таһаарда.

Быйыл бу бэлиэ күн төрүттэммитэ 15-с сыла. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин 2007 сыл алтынньы 18 күнүнээҕи  1381 №-дээх ыйааҕынан Арассыыйа предпринимателлэрин күнэ бэлиэтэнэр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ урбаан эйгэтигэр 130 тыһыынча киһи үлэлиир. Бу күннэргэ бары улуустарга бэлиэ күҥҥэ анаммыт тэрээһиннэри ыытарга бэлэмнэнэллэр. Ол онтон кылгастык билиһиннэрдэххэ,  ыам ыйын 24 күнүгэр СӨ Предпринимательство, эргиэн уонна туризм министиэристибэтин иһинэн үлэлиир туризм уонна территориальнай маркетинг ааҕыныстыбата, СӨ ыалдьытымсах буолуу ассоциацията гостиницалар уонна эрэстэрээннэр үлэһиттэригэр анаан уопут атастаһар дьыалабыай кэпсэтиини  тэрийиэхтэрэ.

Өлөөн улууһугар фарштаах собону астааһыҥҥа маастар-кылаас буолуоҕа. Орто Халыма улууһугар саастарын ситэ илик оҕолорго анаан “Бэйэ биисинэһин хайдах тэриниэххэ сөбүй?” диэн “төгүрүк остуол” ыытыллара былааннанар. Сунтаар улууһугар урбаанньыттар сүлүөттэрин ыытыахтара. Нам улууһугар “Нам улууһа – биисинэс сайдыытын киинэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи зональнай пуорум буолуоҕа. Кэбээйи улууһугар нэһилиэктэргэ үлэлиир олохтоох урбаанньыттар оскуола оҕолорун, ыччаттары кытта көрсүһүүлэрэ былааннанар.

Ити курдук, улуустарынан Арассыыйа предпринимателлэрин күнүн көрсө  араас ис хоһоонноох тэрээһиннэр буолуохтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

15 часов ago