Ускул-тэскил сылдьар дьону сылаас аһынан аһаттылар
Бүгүн, олунньу 1 күнүгэр, Дьокуускай куоракка ускул-тэскил сылдьар дьоҥҥо биирдэ бэриллэр сылаас аһылык аахсыйата биллэрилиннэ.
Уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөнү оҥорор «Тирэх» киин социальнай адаптация салаатын сэбиэдэссэйэ Елена Григорьева санаатын үллэһиннэ:
— Сылаас аһылык аахсыйаны биһиги нэдиэлэ ахсын ыытабыт. Манна кэлбит дьоммутун учуокка ылабыт, социальнай көмөҕө төһө наадыйарын сураһан «Тирэх» кииммит аадырыһын ыйабыт. Сүрүннээн автовокзал, бааһынай ырыынагын таһыгар тохтоон аһатабыт. Бу ааспыт күһүҥҥү аахсыйабыт түмүгүнэн 15 киһини учуокка ылбыппыт. Онтон 11 эр киһи, түөрт дьахтар этэ. Аахсыйа кэмигэр үлэһиттэрбит социальнай ыйытыктары оҥороллор.
Биһиги уустук балаһыанньаҕа түбэһэн ускул-тэскил сылдьар дьону кытта кэпсэттибит. Үгүстэрэ оҕолоох-уруулаах ыал ийэлэрэ, аҕалара буолаллар. «Саха сирэ» кэлэр нүөмэригэр бу туһунан сиһилии ааҕаарыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: