Устиновтар Госдуума бэрэссэдээтэлин кытта көрүстүлэр

Share

Элбэх оҕолоох Устиновтар дьиэ кэргэттэрэ хос эбэлэрин илдьэ, Москваҕа  Сойуустар дьиэлэрин Колоннай саалатыгар Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володинныын көрүстүлэр. Москваҕа Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр тэрээһин чэрчитинэн, 85 эрэгийиэн дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүһүү буолла. 

Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.

Устиновтар Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр олороллор. Туйаара Петровна уонна Сергей Анатольевич уон оҕону — биэс кыыһы, биэс уолу төрөтөн, улаатыннардылар. Улахаттара бэйэлэрэ ыал буолан, сиэннэри бэлэхтээтилэр. Онон 16 сиэннээхтэр, саамай кыра сиэннэрэ 2 ыйдаах.

Устиновтар чөл олоҕу, спорду өрө туппут, айар куттаах дьон. Орто уоллара Герман Устинов көҥүл тустууга Саха сирин икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Дмитрий Коркин турнирын Кыһыл көмүс мэтээлин хаһаайына  буолар. Кийииттэрэ —ох саанан дьарктанар Кристина Тимофеева.

Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.

Туйаара Петровна оҕо саадыгар үлэлээбитэ, билигин биэнсийэҕэ тахсан, уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанар. Дьоруой Ийэ бэлиэтин Ил Дархан илиититтэн туппута. Кини ийэтэ Татьяна Никифоровна Новикова уонна эбэтэ Елена Петровна Новикова эмиэ уонтан тахсалыы оҕону төрөтөн, киһи-хара гыммыттара. Кинилэр Сэбиэскэй Сойуус саҕана Дьоруой ийэ буолбуттара. Онон удьуордаан туран, элбэх оҕолоохтор, Дьоруой Ийэлэр.

Сайын аайы Устиновтар дьиэлэрэ оҕо саҥатынан туолар. Кинилэргэ эбэлэрин уонна 85 саастаах хос эбэлэрин алаадьылара, күөрчэхтэрэ туохтааҕар да минньигэс.

Вячеслав Володин бу саалаҕа Арассыыйа бары муннуктарыттан дьоллоох дьиэ кэргэттэр мустубуттарын, дьиэ кэргэн тутула таптал уонна ытыктабыл буоларын туһунан эттэ. Дьиэ кэргэннээх буолан, хас биирдии киһи сарсыҥҥы күнүгэр эрэллээх, тирэхтээх, дьиэ кэргэн баар буолан, судаарыстыба күүстээх.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сунтаар улууһугар 500 туонналаах бурдугу харайар ыскылаат тутулунна

Сунтаар улууһун Тойбохой с. фермердэрэ Алексей Сидоров уонна Александр Егоров Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн 500…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

СҮБЭҺИТ: Кыһын ханнык битэмииннэри иһэр нааданый?

Күн уота аҕыйыыр, күн кылгыыр, кириип, сыстыганнаах вирус ыарыытын ахсаана элбиир – кыһын киһиэхэ санаа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Уһук Илиҥҥи гектары дьон хайдах туһанарый?

Гектары бас билэллэринэн эрэ муҥурдаммакка, манна биисинэстэрин саҕалаан эрэр дьон элбээтэр элбээн иһэллэр. Нам улууһугар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Үтүө киһи үтүөнү түмэр

Быйыл атырдьах ыйыгар Дьокуускай куоракка  СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, А.М.Горькай аатынан  литература институтун устудьуона Любовь…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр MAX платформаҕа 3000-тан тахса дьиэ чата оҥоһулунна

Саха сиригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр уопсай чаттара МАХ национальнай мессенджергэ көһөн эрэллэр. Хайыы-үйэ 3000-тан тахса…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: ДЬИЭҔЭ ХАННЫК ҮҮНЭЭЙИЛЭРИ ОЛОРДОР ТАБЫГАСТААҔЫЙ?

Дьиэни эбэтэр кыбартыыраны өрөмүөн кэнниттэн дьиҥнээх оранжереяҕа кубулутан, хойуу сибэккилээх үүнээйинэн киэргэтэр кыах идэтийбит флористарга…

5 часов ago