Устудьуоннар истипиэндьийэлэрин үрдэтэри былаанныыллар
Арассыыйаҕа 2025 сылга устудьуоннар истипиэндьийэлэрэ 4,5 % индексацияланара былааннанар.
Идэтийбит үөрэхтээһин федеральнай үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннар, аспираннар, ординатордар уонна ассистент-стажердар истипиэндьийэлэрэ кэлэр сылга 4,5 % индексацияланара былааннанар диэн иһитиннэрэр РИА сонуннара. РФ Бырабыыталыстыбата Госдуумаҕа 2025, ону тэҥэ 2026-2027 сыллардааҕы федеральнай бүддьүөт бырайыактарын киллэрдэ.
“Сыллата сыана үрдүүрүнэн көрөн, идэтийбит үөрэхтээһин федеральнай үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннар, аспираннар ординатордар уонна ассистент-стажердар истипиэндьийэлэрэ 2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн 4,5 %, салгыы 2026 сылга 4,0 %, 2027 сылга 4,0 % индексацияланыахтара” диэн этиллэр бүддьүөт бырайыагын матырыйаалларыгар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: