Уу Далайын сырдык тыына туохтан быстыбыта билиннэ

Share

Ахсынньы  25 күнүгэр Турцияҕа олорор, айылҕаттан айдарыылаах Галина Трофимова-Уу Далайа Күлүмүрдүүр  сырдык тыына быһынна. Күн бэҕэһээ социальнай ситимнэргэ суруйа, олохтон дуоһуйа, күлэ-үөрэ, сырдыгынан сыдьаайа сылдьыбыт киһи соһуччу суох буолбутугар элбэх киһи итэҕэйбэт. Туохтан маннык буолбута билиннэ…

Социальнай ситимнэргэ Уу Далайын тус ханаалыгар бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Кристина Семенова суруйан, бу курдук иһитиннэрдэ:

Балтыбыт, кыыспыт хара санаалаах киһи илиититтэн суорума суолланна. Эрим диэн бииргэ олорбут киһитэ сырдык тыынын былдьаабыт. Өлөрүөхсүт кини төлөпүөнүн илдьэ, туох баар харчытын халаан баран, Ираҥҥа куоппут, онон ханнык да аккаунугар киирэр кыахпыт суох. Тус ханаалыгар туох эмит диэн саҥа пост таҕыстаҕына, итэҕэйимэҥ, төлөпүөнэ ол киһи илиитигэр баар. Соһуччута бэрт буолан, ким да итэҕэйиэн баҕарбат… Стамбултан аҕаларбытыгар үп-харчы наада буолан, ким төһө кыахтааҕынан көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүт…

Уу Далайа Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, английскай тыл учууталынан үлэлээбитэ, кэнники сылларга Москваҕа, онтон Стамбулга көһөн олорбута. Аар Саарын ойууҥҥа уһуйуллан, айылҕаттан айдарыыта арыллан, удаҕан буолара биллэн, дүҥүрдэнэн, элбэх киһилээх алгыстары, медитациялары ыытара, сахаларга улахан ойууннар илдьиттэрин тиэрдэрэ, «Базцы» үөрэҕэр үөрэтэрэ. Элбэх киһиэхэ көмөлөспүтэ. Куруук үөрэ-көтө, сырдыгынан эрэ сыдьаайа сылдьар, үтүөҕэ тардыһыылаах киһи этэ. Икки кыра оҕото тулаайах хааллылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

3 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

3 часа ago