ИДьМ Дьокуускайдааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар 26 тыһ.солк. суумалаах кыһыл көмүс сыапачыканы уордарбытын туһунан дьахтар сайабылыанньа суруйбут. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Суһал-ирдиир тэрээһиннэр кэнниттэн холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх 35 саастаах киһи уорбаланарын быһаарбыттар.
Быһаарыллыбытынан, эмсэҕэлээччи уонна уорбаланааччы уулуссаҕа билсибиттэр. Дьахтар саҥа билсибит киһитин дьиэтигэр арыгы иһэ ыҥырбыт. Сарсыҥҥы күнүгэр дьахтар утуйа сыттаҕына, эр киһи туумбаттан сыапачыканы уоран баран дьиэттэн тахсан барбыт. Ол кэнниттэн киэргэли ломбардка туттарбыт, харчытын бэйэтин наадаларыгар бараабыт.
«Уоруу» диэн ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…