Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар
Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара.
Бу туһунан СИА-ҕа булчут Петр Охлопков иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, Эдьигээн, Уһун Күөл уонна Дүпсүн нэһилиэнньэлээх пууннарын таһыгар 10 бөрө үөрэ олохтоох пиэрмэрдэргэ кутталы суоһууллар.
«Эһэлээх нэһилиэнньэлээх пуунуттан 10 км тэйиччи бөрө үөрэ тардыбыт сылгы өлүгүн булбуттара, оттон сылгы үөрүн атыырын бөрөлөр «бэлиэтээбиттэр». Олохтоохтор бу күһүн өссө бөрөлөр торбосторун сиэбиттэрин туһунан кэпсииллэр. Кыһыҥҥы кэмҥэ бөрө үөрэ олохтоох пиэрмэрдэргэ кутталы суоһаталлар. Онон билигин бөрөлөрү бултуурга түөрт булчут биригээдэтэ таҕыста. Дүпсүн нэһилиэгин өттүттэн эмиэ туспа биригээдэ бултуур.
Быйыл аҕыйах хаар түспүтүнэн, булчуттар бөрө үөрүн суоллаан булалларыгар уустуктары үөскэтэр. Хаар суох буолан бөрөлөр билигин ханна баҕарар тиийиэхтэрин сөп. Билигин биһиги биригээдэбит чугас эргин сохсолору туруордулар. Кэнники биллэринэн бөрөлөр Дүпсүн нэһилиэгин диэки түһүммүттэр», — диэн булчут Петр Охлопков кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: