Салгыы
Уус Алдан үөрэнээччитэ «Профессионалы» чөмпүйэнээккэ иккис миэстэни ылла

Уус Алдан үөрэнээччитэ «Профессионалы» чөмпүйэнээккэ иккис миэстэни ылла

Ааптар:
18.06.2024, 17:30
Хаартыска: irposakha14.ru
Бөлөххө киир:

Москваҕа бэс ыйын 8-11 күннэригэр норуоттар икки ардыларынааҕы «Профессионалы» чөмпүйэнээт иһинэн «Кровельные работы по металлу» компетенцияҕа күрэхтэһии буолан ааста.

Күрэхтэһиигэ эрэгийиэннээҕи түһүмэхтэр кыайыылаахтара Москваттан, Санкт-Петербургтан, Татарстантан уонна Саха Сириттэн түмүк күрэхтэһиигэ кытыннылар.

irposakha14.ru

Бу компетенцияҕа Саха сирин чиэһин Лөгөйдөөҕү лиссиэй-интэринээт үөрэнээччитэ Николай Борисов ситиһиилээхтик көмүскээтэ. Күрэхтэһиигэ кинини технология учуутала Иннокентий Данилов бэлэмнээтэ. Иннокентий Семенович чөмпүйэнээт хамсааһыныгар номнуо хаһыс да сылын оҕолору кытыннарар уонна оҥолорун кытта олус үчүгэй үрдүк түмүктэри ситиһэр.
Күрэхтэһии үс хонук устата ыытылынна. Сорудахтара олус уустук эбит: чертеж ааҕар сатабылы таһынан, тимиртэн араас дэтээллэри быһан сөптөөх ньыманан макетка сыһыарыллыахтаах. Эспиэрдэр дэтээллэр кээмэйин, сыһыарыллыбыт тимирдэр бигэ туруктааҕын, тупсаҕай көстүүлээҕин, куттал суох буолуу тиэхиникэни тутуһууну, о.д.а. сыаналаатылар. Николай үчүгэй бэлэмнээҕин көрдөрөн, иккис бочуоттаах миэстэҕэ таҕыста.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: