Кулун тутар 1 күнүгэр, сандаарар сааскы маҥнайгы күн Уус Алдан улууһун Хоро нэһилиэгэр ураты үөрүүлээх күн буолла. Сэттис төгүлүн ыытыллар «Мигалкин ааҕыылара» ыытылыннылар.
Бу тэрээһин урукку кэмнэртэн олус долгутуулаах, истиҥ иһирэх сыдьаайдаах ыытылынна. Уопсастыбаннай диэйэтэл, учуутал Василий Николаевич Мигалкин тэрийбит, олохтообут оскуолатыгар научнай үлэни сөбүлүүр, аныгы технология хаамыытын сэҥээрэр оҕолорун эрэгийиэннээҕи күөн көрсүһүүлэрэ буолла.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы В.С.Доллуонап эҕэрдэ тылы кытта суруйааччы дастабырыанньатын уонна анал бэлиэтин Светлана Михайловна Бурцева-Суугунай Чараанаҕа туттарда, айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕарда.
Суугунай Чараана айар үлэнэн дьарыктаммыта ыраатта, 7 кинигэ ааптара, 8-с кинигэтэ бэчээттэнэн тахсаары бэлэмнэнэр уонна 9-с кинигэтин суруйан үлүмнэһэр. Эттэххэ дөбөҥ эрээри, айар үлэ Суугунай Чараанаҕа бу саҕаланыыта..
Суугунуу сипсийэр нарын хатыҥнардаах Чараҥ нэһилиэгэр улуу Ойуунускай олоҥхо истибитэ, 12 оҕо аҕата В.Н.Мигалкин үлэнэн Хоро нэһилиэгин туругурдубута, норуот поэта Иван Мигалкин аҕата оттубут оһоҕун суоһугар арыллан сүдү поэт аатын ылан, алгыстаах айымньылардаах үгүс элбэх кинигэтэ суруллан, бу барыта ураты эйгэни төрүттээн бүгүн үтүө мааны саҥа суруйааччы чаҕылыйа түстэ.
Бу орто туруу бараан дойдуга Айыыһыттар алгыстарынан барыта күннэтэ айылла, түмүллэ, таһымныы турар. Ону үлэһит киһи норуотун туһугар сыратынан, поэт киһи иччилээх тылынан сиидэлээн, сыымайдаан дьоҥҥо кинигэ суруйан тиэрдэр. Хоро нэһилиэгэ үгүс элбэх үтүө үлэһит дьоннордоох, тыа сирин байыппыт, сайыннарбыт үлэһит дьоруойдардаах. Ол дьон ыллыктара сүппэккэ, бу бүгүҥҥү тэрээһин курдук оҕолорго, педагогтарга, тэрилтэ салайар саҥнаах үтүө дьонноругар дьайа турар.
Суугунай Чараана бииргэ үлэлээбит оскуолатын, тэрилтэтин үлэһиттэрэ олус үөрэн эҕэрдэ мааны тылларын эттилэр. Кини бу оскуолаҕа үөрэнэн бүтэрэн, баһаатайдаан, саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээн уһуйуллан суруйааччы аартыгын дабайбыта. Айар үлэ ухханнаах мөккүөрүн оччоттон билэн, уһаарыллан, ситэн тахсыбыта үлэтигэр биллэрин биир идэлээхтэрэ санаан аһардылар.
Сулустар халлаан уораҕайын уратытык сырдаталлар. Суруйааччы дойду сайдыытын, дьон-сэргэ үйэ тухары мөккүөрдээх килбиэнин ситимнии айар. Саҥа суруйааччы аатын ылбыт биир идэлээхпэр Светлана Михайловна Бурцева-Суугунай Чараанаҕа айымньылаах айар үлэни, ааҕааччы кутун тутар айымньылары баҕарабын!
Суруйааччы дойдутун туһугар хаһан баҕарар долгуйар, төрөөбүт түөлбэтин, дьонун-сэргэтин туһугар уйулҕатынан ыалдьар, кини ол иһин суруйар, суруйааччы диэн ааттанар!
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…