2022 сыл сайыныгар Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр 2007 уонна 2009 сыллаах төрүөх кыргыттар ыкка ытыттаран улуустааҕы киин балыыһаҕа көрдөрбүттэр. Кыргыттар илиилэрин, бууттарын ытыттаран балыыһаҕа эмтэммиттэр.
Оҕолор ыттан эмсэҕэлээбит дьыалаларынан Өймөкөөн улууһун борокуратуурата бэрэбиэркэ оҥорбут. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, бэйдиэ ыттары тутууга бөһүөлэк дьаһалтата сокуоҥҥа ирдэбили кэһэн оҕолор эмсэҕэлээбиттэрин быһаарбыт. Онон улуус борокуратуурата суукка бөһүөлэк дьаһалтатыттан эмсэҕэлээбит икки кыыска 50-нуу тыһыынча солкуобай төлөбүрү төлүүр туһунан ирдэбил түһэрбит. Борокуратуура ирдэбилин суут ылыммыт. Онон Уус Ньара дьаһалтата оҕолорго 100 тыһыынча солкуобайы төлүөхтээх.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…