Салгыы
Уус тыл улуу айымньыта олоҥхобут — норуотугар күүһү эбэр

Уус тыл улуу айымньыта олоҥхобут — норуотугар күүһү эбэр

Ааптар:
05.12.2022, 14:21
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин  үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн, ахсынньы 2 күнүгэр, Санкт-Петербург куорат Мариинскай театрыгар, режиссер Андрей Борисов туруорбут «Ньургун Боотур» олоҥхотун премьерата буолла.

Санкт-Петербург куоракка баар бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ  миэхэ ыҥырыы суругу туттаран, хатыламмат түгэҥҥэ сылдьар чиэскэ тигистим. Култуура диэн баран «муннукка ытаабыт» киһиэхэ мантан ордук үөрүү баар буолуо дуо? Саатар олохпут уларыйан, санаа-оноо кэбирээн сылдьар кэмигэр, кыратык да аралдьыйарга тоҕоостоох кэм буолан биэрдэ. Тоҕо эрэ бу күннэргэ олоҥхо миигин иилии эргийэ сылдьыбыт эбит. Москваҕа көтөн кэлэрбитигэр айар бөлөҕү кытта биир сөмөлүөккэ  кэккэлэһэ олорбуппут. Аны туран, сатаан илдьэ кэлбэтэх малбытын кэннибититтэн Олоҥхо театрын артыыстара сөбүлэһэн аҕалбыттара.

Олоҥхону көрөөрү ыйыллыбыт чааһыгар эрдэттэн театрга айаннаабытым. Тоҕо эрэ, көрөөччү толору буолуо дуо, национальнай эпоспытын хайдах ылыныахтарай диэн санаалар элэҥнииллэрэ. Үөрүөм иһин дьон сааланы тобус-толору муһунна. Өрө көтөҕүллүү салгына баара билиннэ.

Андрей Саввич бу сүдү үлэҕэ эрдэттэн бэлэмнэнэр этэ. Миэхэ хас даҕаны сыллааҕыта, радиоҕа үлэлии сырыттахпына биэрбит интервьюта, фондаҕа хараллан сытар буолуохтаах. Кини айар бөлөҕүн, олоҥхо, опера, балет артыыстарын, оркестры тэҥҥэ хамсатан, барыта 300-тэн тахса киһини биир ситимҥэ киллэрэн үлэ бөҕөнү ыыппыт. Тылбааһы, таҥастарын, сценографияны, уоту-күөһү, тыаһы-ууһу көрө сэргэҕэлээриҥ! Айар бөлөх, тэрийээччилэр аһыыр астарын, утуйар ууларын умнан туран үлэлээбиттэр. Бу эйгэни кыратык эмэ удумаҕалатар киһи ону тута өйдүүр.

Икки чаастан ордук норуоппут олоҥхото, тойуга, үгэһэ, култуурата, ийэ тылын илгэтэ кустук сэттэ өҥүнүү суһумнаан толору көһүннэ. Аттыбар олорор атын омук дьоно тылбааһы ааҕан, артыыстар оонньууларын ылынан киһи соһуйуох харахтарын уута субуллан олордо. Онтон, биһиэхэ ийэ тылбытын илдьэ сылдьар, өйдүүр дьоҥҥо хайдах дьайбытын санааҥ көрүҥ!

Тус бэйэбэр бу туруорууттан, норуоппунан киэн туттуум хас эмэ бүк үрдээтэ. Хантан да кэлбитэ биллибэккэ күүспэр күүс, сэниэбэр сэниэ эбилиннэ, санаам бөҕөргөөтө. Ийэ тылбыттан, олоҥхобуттан ураты иэйиини, күүһү сомсон ыллым (тылбынан сатаан тириэрдибэт дьикти туругум иилии эргийбитэ). Билиҥҥи кэмҥэ, мин курдук муна-тэнэ сылдьар хас биирдии Ийэни ыҥыран, Олоҥхоҕо сырытыннаран саппаҕырбыт санаатын сайҕыыр тоҕоостоох. Ити курдук хас биирдии киһи бэйэтэ да билбэтинэн духуобунай өйөбүлү көрдүү сылдьар кэмигэр, Олоҥхобут киэҥ эйгэҕэ тахсан кэллэ. Биһиэхэ абырал буолаары, уоскутаары, сомоҕолоору. Сырдыкка эрэли үөскэтээри, ону олоҥхо тылынан оһуордаан-мандардаан тириэрдээри.

Көһөҥө көмүс кылааппытын утары ууммут дьоһун дьоммутугар, айар бөлөххө, артыыстарга, үлэһиттэргэ истиҥ махталбын ыытабын. Олоҥхобут норуотугар өлбөт мэҥэ уутун курдук тыын уктун, куппутун бөҕөргөттүн!

Светлана Диодорова-Лаврентьева, суруналыыс

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: