“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
ЭР БЭРДЭ, ЭН ТӨНҮН
Ийэлэр сүрэхпит чопчутун
Саралыы хааннаата аймалҕан,
Бу бааспыт ол айдаан тоҕотун
Аһыйа ырытар абаран.
Күн диэки көтүтэ уунаммыт,
Тапталга суулаабыт уолчааммыт
Дьэ, тоҕо хаан-силик аргыстаах
Кый ыраах сэймэккэ кыттыахтаах?
Сааһырар кэмнэргэ эрэлбит,
Дьолунан толорор кэскилбит
Модьоҕо бэлиэни атыллаан,
Дьэ, тоҕо барыахтаах былдьанан?
Ол эрэн… ким уонна көмүскүөй
Дойдубут эйэлээх олоҕун?…
Ким уонна мэктиэлии үөскэтиэй
Сиэннэрбит дьоллорун тускутун?..
Буойун уол, күн ийэҥ таптала
Куйахтаах харысхал иҥэрдин,
Аал Луук Мас үйэлээх лабаата
Эн куккун көмүскүү чэлгийдин!
Күн күбэй ийэккэҥ барахсан
Көмүскэ ууларын хаһыйыа,
Сүрэҕэ, ханна да буолларгын,
Сулустуу үрдүгэр сыдьаайыа.
Өбүгэҥ хорсуна тилиннин,
Манчаары килбиэнэ сирдээтин,
Эр бэрдэ, дьол, кыайыы көтөллөөх,
Эн төнүн чиҥ, бигэ үктэллээх.
Сидьиҥ үөр күдэҥҥэ көтүөхтүн,
Сир Ийэ чөлүгэр түһүөхтүн,
Өрөгөй чорооно күөрэйдин,
Эйэ-дьол тойуга эйээрдин!
Дьокуускайга Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Петр Константинович Яковлев 100 сааһын туолуутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга чиэстээтилэр.…
Хаһаайыстыбаннай мыыла туһата элбэх эбит. Аҥардас таҥас сууйарга эрэ буолбакка, хаһаайыстыбаҕа барытыгар туһаныахха сөп эбит.…
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыаннай таҥас кэтиитигэр уларыйыы киллэрэр туһунан Ыйаахха илии баттаата. Докумуон быраап…
Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ ыытыллыбыт күрэс төрүт көрүҥнэригэр XXII “Манчаары оонньууларын” уопсай хамаанданан түмүктэрэ билиннэ. …
От ыйын 10 күнүгэр XXII-с Манчаары оонньууларын чэрчитинэн Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Чөркөөх түмэлигэр «Манчаары…
Бу салааты биирдэ амсайбыт киһи умнубат, астына-дуоһуйа сиир аһа. Сайыҥҥы чэпчэки, ол эрээри тотоойу уонна…