“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Өбүгэ эрэлэ — уол!
Аар Айыы Айылҕабыт
Айбыт улуу Ыйааҕа-
Уол буолан айыллыбыт
Буолар Дойду куйаҕа.
Өбүгэбит барахсан
Уолга ордук үөрэрэ,
Көмүскүүр халыҥ хахха
Буолуохтааҕын өйдүүрэ.
Бэбиэскэни уол тутан,
Турунна уоту бохсорго,
Тиэтэлинэн хомунан,
Барда быстах хомуурга.
Ийэ, аҕа, дьиэ кэргэн
Аймана атаардылар,
Ис дууһаттан эрэнэн,
Күүтэллэрин эттилэр.
Төннөөр хайаан да,саллаат,
Барбытыҥ курдук, эн чөл,
Киирис хорсуннук, кытаат,
Кыайыы көтөллөнөн кэл!
Эппит тыл иччилэнэн,
Куйаар устун көтөҥҥүн,
Алгыс баһа сыаланан,
Эйэлээх кэм төнүннүн!
Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрдэ. --Быйыл тутуу үлэтигэр,…
Ахсынньы 23 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар туһаайан этиитэ саҕаланна. Кини бу…
Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сылга Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын кэлим…
Владимир Сивцев, тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын миниистирэ: -Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын, суолун хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан болҕомтотун…
Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 12.00 ч. Ил Дархан Айсен Николаев сыл аайы ыытыллар…
Порталга “жизненная ситуация” диэн саҥа раздел баар буолбут. Манна дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүү көрүҥнэригэр…