“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
ДУУЛАҔА БУОЙУННАР-БООТУРДАР
Нацистар күөрэйэн тахсаннар
Күөдьүйэн,күүркэйэн турдулар,
Донбасска олоҕу ыһаннар
Күннэрин сабардыы тууйдулар.
Гиитилэр сиэхсити санатан
Чэрдийбит баастары хаҕылаан
Дойдубут дьоннорун аймааннар
Дьалыҥнаах моҕойдуу сыылланнар.
Эһээлэр суолларын хатылаан
Эйэлээх олохпут туһугар
Эһиэхэ саадаҕы туттаран
Төрөөбүт дойдугут ыҥырар.
Дуулаҕа буойуннар-боотурдар
Дуоҕаны тутаннар бардылар
Дойдуну көмүскүүр сыалынан,
Дьорҕоот эр хааннарын ылынан!
Өһүөннээх санаанан туоланнар
Саалаахтан самныбат сахалар
Сомоҕо модун күүс буоланнар
Өһөрсөр айаҥҥа турдулар.
Атаарар Өлүөнэ эбэҕит,
Атаарар ииппит Сир ийэҕит!
Атаарар Туймаада туоната,
Атаарар Сахабыт норуота!
Далаҕа күүстэри кыайаҥҥыт
Дуоҕаны үрдүктүк тутаҥҥыт,
Боотурдар суолларын хайаҥҥыт
Буойуннар эргиллэн кэлиэххит!
2026 сыл Уот кыһыл ат сыла буоларынан уонна улууспутугар ыытыллар Олонхо сылынан Сииттэ олохтоохторугар ураты,…
Бүгүн Үөһээ Бүлүүттэн ааҕааччыбыт, элбэх ырыа куонкуруһун кыайыылааҕа, ырыаһыт Ариан Федоров үүнэр 2026 сылы көрсө…
Саҥа дьыл кэнниттэн сорохторго өссө биир уоппуска кэмэ наадатын курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, урукку тэтимнэригэр…
Аҕыйах оҕону бэлэмнээн, хаар түспүтүн кэннэ сыарҕалаах ат булан, пиэримэҕэ кэнсиэрдии барабыт. Миигин бэлэмнээн биллэрээччи…
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…
Илиҥҥи халандаар этэринэн, хас биирдии сыл гороскопка баар 12 кыыл салалтатынан ааһар. Үүнүөхтээх 2026 сыл…