Валерий Лютай устуоруйа уруогар кытынна
Дьокуускай куоракка ыччаттарга уонна устудьуоннарга Крым Арассыыйаҕа холбоспута 10 сылыгар аналлаах устуоруйа уруога ыытылынна. Уруок кыттыылаахтара эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Русская весна» телемостка холбоннулар.
Тэрээһиҥҥэ Саха сиригэр Афганистан бэтэрээннэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Валерий Лютай итиэннэ устуоруйа учууталлара, уопсастыбанньыктар, бэтэрээннэр кытыннылар. Кинилэр Крым Арассыыйаҕа холбоһуутун устуоруйатын кэпсээтилэр.
«Устуоруйаны хайаан да билиэх тустаахпыт. Ыарахан кэмҥэ биһиги норуоппут өрүү сомоҕолоһорун, уустуктары бииргэ тутуспутунан ааһарын устуоруйабыт көрдөрөр. 2014 сыллаахха уонна билигин байыаннай дьайыы кэмигэр биһиги дьоммутун көмүскээбиппит уонна көмүскүүбүт», — диэн Валерий Лютай кэпсээтэ.
Маны таһынан кини буолаары турар дойду Бэрэсидьиэнин быыбара устуоруйаҕа киириэҕэ диэн бэлиэтээтэ.
«Быыбар историческай буолуоҕа. Онон бары бииргэ сомоҕолоһуохха уонна дойдубут туһугар быыбардыахха диэн ыҥырабын. Саха сирэ Арассыыйа туһугар туруулаһарын көрдөрүөхтээх», — диэн Лютай тэрээһин кыттыылаахтарыгар эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: