Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ түһүүлээх да, өрө күүрүүлээх да күннэргэ-дьылларга бары бииргэ түмсэн, улуус чэчирии сайдарыгар, олоҕун уйгута тупсарыгар үлэлиир-хамсыыр, кэскилин түстүүр. Онуоха Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олохтообут киэҥ хабааннаах национальнай бырайыактара, бырагыраамалара тирэх буолаллар. Кэнники сылларга туох ситиһиллибитин, туох хамсааһын тахсыбытын туһунан бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаевы кытары кэпсэттибит.
– Валерий Валерьевич, улууһуҥ олоҕун-дьаһаҕын, ситиһиитин туһунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?
– Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһа Саха сирин биир тэтимнээхтик сайдар улууһунан буолар. Баһылыгынан икки ыйтан ордук үлэлээбит кэммэр, саҥа хамаанда тэринэн улууһу сайыннарарга саҥа саҕахтары арыйан, сонун хайысхалары киллэрэн дьонум-сэргэм олоҕун уйгутун тупсарар өйүнэн-санаанан салайтаран, үлэбитин саҕалаатыбыт. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын кыһалҕаларын быһаарарга, оскуолалары, уһуйааннары тутууга, доруобуйа харыстабыла сайдыытыгар, суол тутуутугар үлэлэр бара тураллар.
– Эһиги улуускутугар ханнык национальнай бырайыактарынан тустаах үлэлэр ыытылыннылар?
– Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар туһаайбыт национальнай бырайыактара олоххо киирэллэр. Биһиги улууспутугар национальнай бырайыактарынан үлэни тиһиктээхтик ыытар былааннаахпыт. Билиҥҥи туругунан кыһалҕалаах нэһилиэктэрбит элбэхтэр. Култуура, успуорт дьиэлэрэ, оскуолата, уһуйаана суох олорор нэһилиэктэр да бааллар. Бу кыһалҕаны суох гынарга, кэнники сылларга национальнай бырайыактарга, атын даҕаны социальнай суолталаах бырагыраамаларга күүскэ кыттан, сайдыы суолун тутуһан, табыгастаах эйгэни тэрийэбит.
Үөдүгэй нэһилиэгин Андреевскай сэлиэнньэтигэр «Универсальный комплекс спортивных единоборств» тутуутун үбүлээһин 2022 сылтан тохтоон турбута, Бырабыыталыстыба уонна Ил Дархаммыт Айсен Николаев өйөөһүнүнэн уонна Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын туруорсуутунан, 2024 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 102,7 мөл. солк., оройуон бүддьүөтүттэн – 3,1 мөл.солк, уопсайа, 105,8 мөл. солк. үбүлэнэрин ситистибит. Онон сотору кэминэн улууспутугар саҥа успуорт дьиэтэ дьэндэйиэ. Үөһээ Бүлүү улууһугар «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» бырагырааманан Үөһээ Бүлүү улууһугар үс оптуобус буор-босхо кэллэ. Бу оптуобустар чугас сытар нэһилиэктэргэ уонна улуус киинигэр сүүрэллэрэ былааннанар.
– «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан туох үлэ ыытыллар.
– 2024 сылтан 13 куойкалаах оҕо балыыһатын тутуута саҕаланар, былаан быһыытынан 2025 сылга түмүктэнэн үлэҕэ киириэхтээх. Улууспутугар национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут балыыһа үлэлиир, ол эрээри, ханна да буоларын курдук, быраас тиийбэтэ билигин тыын боппуруос. Бу кыһалҕаны быһаарар сыалтан, кэлии быраастарга анаан 8 кыбартыыралаах дьиэни тутан үлэҕэ киллэриэхтээхпит.
– «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэ күүскэ барбыт эбит.
– Мэйик нэһилиэгэр 80/40 миэстэлээх оскуола-уһуйаан уонна Маҥаас нэһилиэгэр 60 миэстэлээх оскуола тутууларын бырайыактааһыны СӨ Үөрэҕириитин министиэристибэтин өйөбүлүнэн оҥорон саҕалаатыбыт. Ону тэҥэ Харбалаах нэһилиэгэр 90/40 миэстэлээх оскуола-уһуйаан тутуутун урукку бырайыагын көннөрөн, саҥардыы үлэтин саҕалаатыбыт. Мэйик орто оскуолатын хаарбах туруктааҕын бигэргэтэргэ билигин үлэ бара турар, салгыы бырайыагын оҥорон ситэрэн, тутууну түргэтэтэр былааннаахпыт. Оттон Маҥаас оскуолата билиҥҥитэ саахалланар туруктааҕа бигэргэнэн турар, онон тутуу бырайыагын оҥорон, салгыы куонкуруска хапсарга дьулуһабыт.
Ил Дархаммыт Айсен Николаев өйөөһүнүнэн уонна Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын туруорсуутунан 2024 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 102,7 мөл. солк., оройуон бүддьүөтүттэн – 3,1 мөл.солк, уопсайа, 105,8 мөл. солк. үбүлэнэрин ситистибит.
– Кэнники сылларга суол улууска биллэ тубуста.
– Суол тутуутугар, Көтөрдөөх – Баҕадьа суолун саҥалыы уларытан оҥорууга өрөспүүбүлүкэттэн 64 мөл. 150 тыһ. солк., Боотулуу – Харбалаах (Тыалаччыма үрэхтэн Чоҥороҕо диэри)
36 мөл. 256 тыһ. солк. үп көрүллэрин ситистибит. Ону таһынан улуус киинигэр, Үөдүгэй нэһилиэгэр Ю.М. Максимов аатынан уулусса уонна П.П. Андреева аатынан быстах туоруур уулуссалар, В.В. Васильев уонна
Е.В. Адамова аатынан уулуссалар өрөмүөннэригэр үп көрүллэн, сотору кэминэн үлэлэр саҕаланыахтара. Нам нэһилиэгэр Комсомольскай, Хомустаах, Механизатор уулуссаларын өрөмүөнүгэр эмиэ өрөспүүбүлүкэттэн үп көрүллэр буолла. Үп көрүллүүтэ – улууспутугар суол кыһалҕатын кыралаан быһаарарбытыгар улахан көмө буолар. Суол – олох төрдө, сайдыы тирэҕэ буоларынан, хаачыстыбалаах үлэ барарын ситиһиэхтээхпит.
– Эһиги улуускут тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар биир сүрүн улууһунан биллэр. Хаһаайыстыбалары сайыннарыы хайдах барарый?
– Үөһээ Бүлүү улууһа төрүкү тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус, онон бу салааны кыайа-хото сайыннарар сорук турар. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин, нэһилиэктэр баһылыктарын кытта соторутааҕыта үүт тутуутугар саҥа сүүрээни киллэриигэ сүбэ мунньаҕы ыыппыппыт. Сүөһү ахсаанын элбэтиигэ, үүтү өлгөмнүк тутууну тэрийиигэ улахан болҕомто ууруллар. Ыанар ынахтаах, үүт туттарар хас биирдии ыалга көмө харчы чопчу тиийэрин курдук этиилэри киллэрбиппит.
Ол курдук, үүт туттарыытыгар – тэрээһиннээх хаһаайыстыба уонна кэтэх ыал үүтүттэн тутулуга суох, улуус бүддьүөтүттэн 1 лиитирэ үүккэ 15 солкуобайы көрөргө быһаардыбыт. Ол курдук сүөһү төбөтүгэр 39 тыһыынча солкуобайы ылбыт чааһынай ыал уонна үүтү оҥорон таһаарааччы икки өттүттэн сөбүлэҥ түһэрсэн, туттарар үүтүгэр, уопсайа 1 лиитирэҕэ 30 солкуобайы ылар кыахтаныаҕа. Оттон тэриллиилээх хаһаайыстыбалар 1 лиитирэ үүккэ судаарыстыбаттан 65 солкуобайы ылар буоллахтарына, билигин эбии 30 солкуобайы эптэхпитинэ, үүт туттарар харчылара, уопсайа, лиитирэтэ 95 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Бу үүтү туттарыыга оҥоһуллубут саҥа мэхэньиисим тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир-хамныыр, ынаҕы-сүөһүнү иитэр дьоҥҥо күүс-көмө буолуо. Хас биирдии улууска ынах сүөһүнү иитээччи, үүт туттарааччы үүтүн харчытын сөптөөхтүк ыллаҕына, үлэтэ сыаналаннаҕына, тыа хаһаайыстыбата сайдыа, тыа хаһаайыстыбатын өрө көтөхтөхпүтүнэ, бэйэ бородууксуйатын дэлэтиэхпит диэн эрэнэбин.
– Олорор дьиэлэри гаастааһын улууска хайдах барарый?
– Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Егор Потапов уонна Амыдаев ааттарынан уулуссаларга олохтоох 5 ыал көрдөһүүлэринэн, «Сахатранснефтегаз» тэрилтэ туруорсан, гаас киирэригэр үп көрүллэн, үлэ саҕаланарын ситистибит. Онон 2024 сылга 5 ыал дьиэтигэр күөх төлөн киирэр буолла. Ону тэҥэ «Сахатранснефтегаз» тэрилтэ «Газпрому» кытта Орто Түҥ гаастаах сирин баһылааһыҥҥа сөбүлэҥ баттаһан гаас хостооһунугар, өрүс уҥуор сытар нэһилиэктэри гаастааһыҥҥа инникигэ хардыы оҥоһулунна диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Саҥа гаас ситимэ тардылыннаҕына, Бүлүү өрүс уҥуор сытар нэһилиэктэргэ гааһы киллэрэр кыахтаныахпыт. Бэлиэтээн этэр буоллахха, 2024 сылга 24 ыал дьиэтин социальнай гаастааһын бырагырааматынан гааска холбуур былааннаахпыт.
– Инники былааннарыҥ туһунан кэпсээ эрэ.
– Кэлэр биэс сылга улууспутун өссө сайыннарар былааннаахпыт. Бу сыалы ситиһэргэ билигин үлэлиир хамаанда сыратын ууран, улуус олоҕо-дьаһаҕа, хас биирдии олохтооҕун олоҕун уйгута тупсарыгар үлэлиэҕэ. Быйылгы 2024 сыл бэлэмнэнии сыла диэххэ сөп, ол курдук үлэ-хамнас сөптөөхтүк ыытыллан, сайдыы аныгы олох тэтиминэн барыаҕа. Бары бырагыраамаларга, бырайыактарга кыттан кэлэр 2025 сылга тутуу өлгөмнүк барарын, сайдыы өссө тэтимирэрин ситиһиэхтээхпит.
– Валерий Валерьевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын.
Ил Дархан Айсен Николаев Киргизия Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Садыр Нургожоевич Жапаровы кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр инникитин…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Бишкек куоракка Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр РФ боломуочуйалаах посолун Сергей Вакуновы кытта…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүн кыл кылыһаҕы – кыл устурууналаах кырыымпаны сөргүтүү, оҥоруу уонна оонньооһун…
Сааскылыы ичигэс күннэр туран, туманынан бүрүммүт кыһыммытын умнуох да курдук буоллубут. Норуот синоптига Тускул "Тэтим"…
Ыйытыы: Үлэбэр бырайыаспын туһаммыппын отчуоттуурум ирдэнэр. Ол эрээри "посадочнай толуоммун" сүтэрэн кэбистим. Хайдах гыныахха сөбүй?…
Ахсынньы 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахтар ахсааннара элбиэҕэ, 80 сааһын туолбут дьоҥҥо биэнсийэ үрдүөҕэ, байыаннай дьайыы…