Эр хоһуун — эр бэрдэ!
Эрэл, эркин уолан буолаҥҥын,
Эйэ, көҥүл олох туһугар
Ийэ дойдуҥ уолун ыҥырар,
Ийэҥ алгыс этэн атаардын.
Хахсаат арҕаа тыалтан хаайтарбат,
Халбаҥнаабат дириҥ толкуйдан,
Будулҕантан олох чаҕыйбат,
Булгуруйбат модун санаалан!
Хадаар очуос таастан иҥнибэт,
Халтарыйбат бигэ тирэхтэн,
Сатыылаабыт силлиэ хамсаппат,
Салҕалаабат бөҕө сүһүөхтэн!
Тууйар албас сатаан өһүлбэт,
Тулхадыйбат добун тулуурдан,
Кыһарҕаннаах кэмтэн толлубат,
Кыайар-хотор хорсун майгылан!
Айыыһытыҥ аҕыс сиринэн
Арыаллаатын тула харыстаан,
Иэйиэхситиҥ тоҕус дойдунан
Иэйэ көрөн тыыннаах эргилин.
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …
Түөкүттэр социологическай ыйытыылары биэрбитэ буолан, кэпсэтиннэрэ сатыыллар. Сыаллара-соруктара – куоласкын уһултара охсуу. Ол кэнниттэн эн…
Быйыл олунньуга Нерюнгрига элбэх кыбартыыралаах дьиэ иннигэр муустан халтарыйан, биирдээх оҕотун көтөҕөн испит ийэ охтубут.…