Василий Баланов: «Дойдубут ыарахан да, үтүө да кэмнэригэр биһиги бииргэбит»
«Төһө да ыраах Аартыка кытылыгар олордор, биһиги нэһилиэкпит дойдубут олоҕун хаамыытын кытта тэҥҥэ хардыылаһар. “Маранга» этнокультурнай киин үлэһиттэрэ Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыыларга кытта сылдьар байыаннайдарга көмөҕө анаан ыытыллар дойду үрдүнэн биллэриллибит Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаларга Хара-Уулаах олохтоохторо үтүө баҕаларынан кыттар тэрээһиннэрин иилээн-саҕалаан ыыталлар, Кыайыы 78 сылын өйдүү-саныы сылдьар курдук бэлиэтээтибит», — диэн Хотугу Муустаах байҕал хонноҕор олорор Булуҥ улууһун Найба (Хара Уулаах) нэһилиэгин “Маранга” этнокультурнай киинин дириэктэрэ Василий Баланов сонуннарын үллэстэр.
— Кыайыы 78 сылыгар анаан ыытыллыбыт аахсыйаларга олохтоохтор көхтөөхтүк кытыннылар. “Георгиевский лиэнтэ”, “Улуу Кыайыы түннүгэ”, “Кыайыы чүмэчитэ”, “Өлбөт үйэлээх пуолк”, бэтэрээннэрбитигэр анаабыт кэнсиэрпит, итии чэйдээх, минньигэс астаах остуолбут кэтэһиилээх үгэскэ кубулуйбут тэрээһиннэрбит истиҥ уонна долгутуулаах буоллулар. Бу кэмнэргэ байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар уолбут уоппускаҕа кэлэн барда, бу дьоһун тэрээһиннэрбитигэр барытыгар кыттан, бар дьонун кытта ыкса алтыһан, астынна. Нэһилиэгин дьоно харчы мунньан балаакка уонна рация бэлэхтээтилэр, ордук харчытын бэйэтигэр биэрдилэр.
Кыайыы күнүгэр «Үтүө санаа долбуура”, олохтоох дьаһалта тэрийбит “Саллаат хааһыта” аахсыйата ыытылынна. Найбабытыгар баар-суох соҕотох биир тыыл бэтэрээммитигэр Христина Николаевна Бурцеваҕа дьиэтигэр тиийэн, Владимир Путин, олохтоох дьаһалта эҕэрдэлэрэ туттарылынна. Төһө да ыраах Аартыка кытылыгар олордор, биһиги нэһилиэкпит дойдубут олоҕун хаамыытын кытта тэҥҥэ хардыылаһар, ыарахан да, үтүө да кэмнэригэр биһиги бииргэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: