Василий Попов: «Саха сирин баһылыгын өйөбүлэ салгыы үлэлииргэ көҕүлүүр»

Share

«Бары бииргэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ иистэнэр сыах үлэтин саҕалаата. Иистэнньэҥнэр байыаннай дьайыыларга сылдьар байыастарбытыгар анаан экипировка тигэллэр. Ону таһынан, киин волонтердара бородуукта нобуорун, эми-тому хомуйаллар, окуопа чүмэчитин оҥороллор, мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр.

Уһук Илин федеральнай уокурукка «Эдэр гвардия» сүрүннээччитэ Василий Попов этэринэн, тустаахтарга улахан көмө оҥоһуллуута болҕомтоҕо ылыллар.

«Өйөбүл, көмө мэлдьи наада, онон волонтердар үлэлэрэ наадалаах. Үгүспүт элбэх бириэмэтин сүтэрэр, ол гынан баран, бары өйдүүбүт, биһиги көмөбүт, өйөбүлбүт наадатын. Ити хайысха былаас өттүттэн өйөнөрүн олус улахан суолталаах дии саныыбын. Ол курдук, холобур, бу күннэргэ волонтерскай кииҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев сылдьан үлэни-хамнаһы кытары билистэ. Ил Дархан өттүттэн итинник болҕомто ууруллуута, волонтердары инники үлэлэригэр көҕүлүүр, ол аата биһиги сөптөөх суолунан баран иһэрбитин өйдөтөр», — диэн Василий Попов бэлиэтиир.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киирэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

26 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

2 часа ago