Василий Сергеев: «Эн саха уолаҕын…»

Share

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

47-с кыттааччы:  Сергеев Василий Иванович 2018 сыллаахха суруйан хаалларбыт хоһоонун бэчээттиибит. Мэҥэ Хаҥалас  Дьаҥхаадыта.

«Аҕабыт Василий Иванович билигин, хомойуох иһин, биһиги кэккэбитигэр суох. Ол эрэн ити суруйан хаалларбыт хоһооно билигин бу буола турары өтө көрөн суруллубут курдук. Төрөппүт икки уола билигин  байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьаллар», — диэн  оҕолоро суруйдулар. 

ЭН САХА УОЛАҔЫН…

Умнума Чыҥыс Хаан кэмигэр

Кыйдаран Туймаада хочотун булбутуҥ,

Омуккун Саханан сүрэхтээн

Бу сиргэ хойгуоҕун туруортуҥ

Омоҕой саҕаттан ааҕынан

Эллэйтэн, Дыгынтан сыдьааннаах

Үс саха төрүөҕүн салҕааччы

Олохтоох эн Саха уолаҕын.

Аҕыйах ахсааннаах омукпун дэнимээр,

Санааҕын хамсатар, санньыйар буолумаар.

Киэҥ сиргэ баһылык сахаҕын

Олохтоох эн Саха уолаҕын.

Киэҥ тутун Киһилээх хайанан

Дьылҕа Хаан күлүүһүн туттарбыт

Сир киинэ буолуохтаах сиргинэн

Киэҥ тутун бараммат баайгынан.

Саараамаҥ Сахалар сүтүөхпүт диэҥҥит!

Будуллар буурҕаҕа муммакка кэлбиппит,

бүгүҥҥү да кэмҥэ тулуйуох тустааххыт.

Сүүс омук дьылҕатын быыһыахтаах

Урааҥхай уолана буолаҕын,

Кэлиэхтээх олоҕу торумнуур

Олохтоох эн Саха буолаҕын!

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пилота суох көтөр аппарааттар көмөлөрүнэн ойууру кэтээн көрүү күүһүрдүллэр

Саха сиригэр  пилота суох, тепловизордаах  35 аппараат көмөтүнэн ойууру кэтээн көрүүнү күүһүрдэллэр. Саха сиригэр ойууру кэтээн көрөргө…

3 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Сэмсэ тыл»: Арассыыйаҕа ким көмөлөһөрүй?

Арҕааҥҥылар Украинаҕа быһаччы көмөлөһөр эбит буоллахтарына, биһиэхэ да син илии уунар ыаллыы дойдулаахпыт.

4 минуты ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: күүһүлээһин, түөкүттэр угаайылара, баһаар

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

37 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Бэлисипиэттэри уоран тутуллубут

Дьокуускайга 1 №-дээх полиция отделыгар икки киһи бэлисипиэттэрин уордарбыттарын туһунан сайабылыанньа суруйбуттар. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр социальнай көмүскэл исписэлиистэрин сүлүөтэ

Саха сирин социальнай көмүскэлин эдэр исписэлиистэрин кытта үөрэх сүлүөтүн иитинэн, бу  салаа фундаментальнай сыаннастарын дьүүллэстилэр.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: этиҥнээх ардах уонна +32°

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый?  Өрөспүүбүлүкэ киин, соҕуруу, арҕаа улуустарыгар быстах ардахтаах, сорох сиринэн этиҥнээх.…

2 часа ago