РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков «Уһук Илин уулуссата» быыстапкаҕа Саха сирин былаһааккатыгар сырытта. Киниэхэ Саха сирин урбаанньыттара оҥорон таһаарбыт байыаннай бородууксуйаларын көрдөрдүлэр, өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Итиэннэ миниистир мас тардыһыыга «Колмар» хампаанньа Куубагын арыйда.
Ол курдук, бастатан туран Алексей Чекунков Саха сирин урбаанньыттара оҥорон таһаарбыт байыаннай таҥастарын, тиэхиньикэлэрин быыстапкаларын көрдө. Манна «Сокол» квадроцикл, «Томтор» харыстыыр бүрүөһүн, хонууга туттуллар оһох, хаххалыыр сиэккэ уо.д.а тэриллэр бааллар. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков кэпсээбитинэн, Саха сирин хампаанньалара оҥорбут бородууксуйалара номнуо байыаннай эпэрээссийэҕэ туһаныллаллар.
Салҕыы миниистир өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырайыактарын сырдатар былаһааккатыгар сырытта. Алексей Чекунковка 2024 сылга Дьокуускайга ыытыллыахтаах «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы ахсыс оонньуулар тустарынан билиһиннэрдилэр.
Ону тэҥэ, миниистир Саха сирин балаһааккатыгар мас тардыһыыга «Колмар» хампаанньа Куубагын арыйда. Кини мас тардыһыы Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга барытыгар киэҥник биллэн эрэрин бэлиэтээтэ.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков эппитинэн, Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа турбут бырайыактарга Алексей Чекунков үрдүк сыанабылы биэрбит.
«Алексей Олегович Саха сиригэр оҥоһуллар бырайыактары үчүгэйдик билэр, сэргиир. Итиэннэ бүгүн Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сирэ Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр айар үлэ индустриятын сайыннарыытыгар холобур буоларын эттэ. Миниистир биһиэхэ үрдүк сыанабылы биэрдэ», — диэн Бычков эттэ.
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…