ВЭФ-2023: Быйылгы бырайыактар хайысхалара киэҥ

ВЭФ-2023: Быйылгы бырайыактар хайысхалара киэҥ

13.09.2023, 19:30
Хаартыска: Андрей Сорокин.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 10-13 күннэригэр Владивостокка ахсыс Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум ыытылынна. Быйылгы тэрээһиҥҥэ Саха сирэ 100 млрд солк. суумалаах
30-ча инвестиционнай бырайыактарга илии баттаста. Өрөспүүбүлүкэ бырагырааматыгар эрэгийиэннэр уонна норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлэһии таһынан бырамыысыланнас эбийиэктэрин, тырааныспар, сибээс, дьиэ-уот уонна инфраструктурнай бырайыактары сайыннарыы киирдилэр.

 Уһук Илин уулуссата

Пуорум бастакы күнүгэр «Уһук Илин уулуссата» диэн үгэс буолбут тэрээһин үлэтин саҕалаабыта. Манна пуорум кыттыылаахтарыгар Уһук Илин эрэгийиэннэрин туһунан сэттэ күн иһигэр билиһиннэрэллэр.

Ол курдук, Саха сирэ бэ­­йэтин култуурунай бырагыраа­матын көрдөрдө, инвестицион­най уонна ураты туристичес­кай бырайыактарын сырдатта. Уһук Илин уокурукка Саха сириттэн бастайааннай бэрэс­тэбиитэл солбуйаач­чыта Петр Бурнашев бэлиэтээбитинэн, быйыл Саха сирэ пуорумҥа улахан култуурунай бырагыраа­малаах кэлбит. Өрөспүүбүлүкэ биллэр артыыс­тара уонна айар бөлөхтөрө, ол иһигэр Опера уонна балет судаа­рыстыбаннай тыйаа­­тырын, Олоҥхо тыйаа­тырын уонна филармония сүрүн солис­тара, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ансаам­была уо.д.а. сүрүн былаһаак­каҕа кэнсиэрдээтилэр. Киэһэ ахсын ыалдьыттарга  «Дьулуур», «Бүгүн-былыр», «Рядовой Чээрин» уо.д.а сахалыы киинэлэри көрдөрдүлэр. Ону таһынан, хомуска оонньуурга маастар-кылаас, мас тардыһыыга “Колмар” хампаанньа турнира буоллулар.

Саха сирин павильона

Хас биирдии эбийиэк сахалыы оһуорунан-мандарынан киэргэтиллибит. Ону таһынан, көрдөрүүгэ ураһа уонна дьүкээбил баар. Павильон хас даҕаны былаһааккаҕа арахсар: сүрүн сыана, «Сделано в Якутии» көмүс оҥоһуктар, саха быһаҕын, сэлии муоһуттан сувенирдар уо.д.а. быыстапкалара уонна өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай, инновационнай бырайыактарын, туризм эйгэтин сырдатар былаһаакка.

«Ону таһынан, быйыл биһиги байыаннай дьайыы павильонун арыйдыбыт. Манна Саха сирин урбаанньыттара оҥорон таһаарбыт байыаннай таҥастарын, тиэхиньикэлэрин быыстапкаларын туруор­дубут. Ол курдук, «Сокол» квадроцикл, «Хотой» FPV-дрон, «Томтор» харыстыыр бүрүөһүн, хонууга туттуллар оһох, хаххалыыр сиэккэ бааллар. Итиэннэ «Саха сирин эйигин кытта!» хамсааһын таҥаһа-саба эмиэ көрдөрүүгэ тураллар», – диэн Петр Бурнашев кэпсээтэ.

30-ча бырайыакка илии баттастылар

Пуорум сүрүн чааһа балаҕан ыйын 11-13 күннэригэр ыытылыннылар. Саха сирин бырабыыталыстыбата үс күн иһигэр 100 млрд солк. суумалаах 30-ча инвестиционнай бырайыакка илии баттастылар. Быйыл бырайыактар хайысхалара киэҥ – норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлэһииттэн саҕалаан бырамыысыланнай эбийиэктэргэ, ты­­рааныспарга, сибээскэ, олорор дьиэни тутууга тиийэ. Ол курдук, бастакы күҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна Роснедра салайааччыта Евгений Петров  көрсөн бырамыысыланнас боппуруостарын ырыттылар, сүрүннээн геологическэй чинчийиини өрөспүүбүлүкэҕэ сайыннарыы туһунан кэпсэттилэр.

«Саамай бастакы уонна тутаах сорукпут Саха сиригэр геологическэй чинчи­йии сайдыытын былаанын оҥорон таһаарыы буолар. Бу улахан боппуруоһу өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр суруйбут суругар киллэрбитэ», – диэн СӨ бырамыысыланнас­ка уонна геологияҕа миниис­тирэ Максим  Терещенко иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтээбитинэн, көрсүһүүгэ ону таһынан бырамыысыланнас салаатыгар сыыппараны (цифровизация) киллэрии туһунан кэпсэттилэр.

«Билигин биһиги чопчу эбийиэктэри, үлэ болдьоҕун уонна көдьүүһүн туһунан кэпсэттибит. Бу үлэ түмүгэр өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр 2 трлн тахса солк. көрүллүөҕэ. Ону таһынан, геологическэй чинчийии чөлүгэр түһүөҕэ, саҥа каадырдар тахсыахтара, оройуоннарбытыгар, ол иһигэр хоту уонна ыраах сытар, бырамыысыланнас сайдыаҕа», – диэтэ миниистир. Итиэннэ “Күчүс” бырамыысыланнас кластерын быра­йыактарын олоххо киллэриитигэр бииргэ үлэлэһии туһунан түөрт өрүттээх сөбүлэһии ылылынна. Докумуоҥҥа РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтэ, Саха сирин бырабыыталыстыбата, «Росатом» уонна «Селигдар» хампаанньалар илии баттаатылар.

Кластер биир сүрүн эби­йиэгинэн Усуйаана оро­йуонугар сир үрдүнээҕи кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа буолуоҕа. Соторутааҕыта ыстаансыйа бастакы эбийиэгин – тутааччылар олорор сирдэрин арыйбыттара. Бу эби­йиэк үлэҕэ киирдэҕинэ, “Күчүс” клас­теры эрэ буолбакка, чугас сытар Усуйаана уонна Дьааҥы оройуоннарын сэлиэнньэлэрин эниэргийэнэн хааччы­йыаҕа. Эбийиэк үлэҕэ 2028 сылга киирэрэ былааннанар.

«Бу ыстаансыйа тутулуннаҕына, Саха сирин Арктикатын оройуоннара күүскэ сайдыахтара. Кини бырамыысыланнас эбийиэктэрин үлэтин хааччыйыаҕа, ону таһынан билигин үлэлии турар дизельнай уот ыстаансыйаларын солбуйуоҕа. Итиэннэ чугас­тыы сытар нэһилэнньэлээх пууннар социальнай уонна логистическэй инфраструктуралара сайдыаҕа, олох хаачыс­тыбата тупсуоҕа», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэ­­лиэтээтэ.

Туризм эйгэтигэр эмиэ хас даҕаны докумуоҥҥа илии баттаатылар. Холобур, дойду үрдүнэн киэҥник  биллэр «Green Flow» гостиница ситимэ Хаҥалас улууһугар  гостиничнай-термальнай комплекс тутуоҕа. Владивостокка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр Саха сирин бырабыыталыстыбата,  «Корпорация развития Дальнего Востока и Арктики» АУо уонна  «Антерра»  ХЭУо бу бырайыагы олоххо киллэриигэ үлэни саҕалаатылар. Саҥа «Грин Флоу Батамай» диэн ааттаах гостиничнай-термальнай комплекс 120 нүөмэр­дээх буолуоҕа. Эбийиэк уопсай иэнэ – 2,6 тыһыынча кв. миэтэрэ. Бырайыагы олоххо киллэрэргэ 2 млрд солк. тахсан үп көрүллүөҕэ, ону тэҥэ 114 саҥа үлэ миэстэтэ көрүллүөҕэ. СӨ  урбаанын миниистирэ Тимур Ханды бэлиэтээбитинэн, бүгүн Өлүөнэ очуостара аан дойдуттан барытыттан туристары тардар, онон билигин манна тупсаҕай сынньалаҥ сирин оҥорорго көхтөөх үлэ ыытыллар. «Бүтэһик сылларга биһиги туризм диэн тугун биллибит уонна билигин өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырайыактарыгар инвестордар үп көрөллөрүгэр бэлэммит. Онон «Green Flow» комплекса  тыастаах-­уустаах  куораттан баран чуумпуга сынньанарга олус үчүгэй сир буолуоҕа», – диэтэ миниис­тир.

Эрэгийиэннэри, тас дойдулары кытары бииргэ үлэлээһин

Пуорум кэмигэр өрөспүү­бүлүкэ хас даҕаны Арассыыйа эрэгийиэннэрин, ону таһынан Индия, Кытай, Казахстан курдук дойдулар бэрэстиибэтэллэрин, хампаанньаларын кытары көрсөн бииргэ үлэлэһии туһунан кэпсэттилэр. Ол курдук, Ил Дархан Айсен Николаев уонна Кемеровскай уобалас губернатора Сергей Цивилев атыы-эргиэн, билим, култуура уо.д.а. атын эйгэлэргэ бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.

“Хас биирдии эрэги­йиэн дэҥҥэ көстөр ураты­лаах уонна күүстээх өрүттээх. Тэҥҥэ үлэлээтэхпитинэ биһиги Арассыыйа сомоҕолоох сайдыытын хааччыйыахпыт. Ол туһугар биһиги эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы сыһыаннарын сайыннарыахпыт», – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Санатан суруйдахха, Саха сирэ уонна Кузбасс 2018 сылга Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр аан бастаан сөбүлэһии туһунан докумуоҥ­ҥа илии баттаабыттара. Онно икки эрэгийиэн тырааныспар, бырамыысыланнас, култуура, успуорт, туризм уо.д.а. эй­­гэлэргэ бииргэ үлэлиир туһунан быһаарыы ылбыттара.

Пуорум иккис күнүгэр, Саха сирин бырабыыталыстыбата уонна Кытай тас дойдуларга тэрилтэлэри сайыннарыытын ассоциацията (CODA) эр­­гиэн-экэнэмиичэскэй эйгэҕэ хардарыта өйдөһүү уонна инвестиционнай эйгэҕэ  бииргэ үлэлээһин туһунан меморандумҥа илии баттаатылар. Докумуоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев уонна Кытай тас дойдуларга тэрилтэлэри сайыннарыытын ассоциациятын (CODA) бэрэссэдээтэлэ Хэ Чжэньвэй илии баттаатылар.

Айсен Николаев ассоциа­ция­ны кытары бииргэ үлэлэһии сир баайын хостооһуҥҥа уонна оҥорон таһаарыыга, итиэннэ IT эйгэтигэр кэскиллээҕин эттэ. Хэ Чжэньвей иһитиннэрбитинэн, Кытай хампаанньалара Саха сирин кытта бииргэ үлэлииргэ улахан интэриэстээхтэр уонна кыахтаах бырайыактары сайыннарарга бэлэмнэр.

Итиэннэ, Ил Дархан Айсен Николаев уонна Арассыыйаҕа Казахстан боломуочуйалаах посола Даурен Абаев култуура, үөрэх, атыы-эргиэн эйгэлэригэр бииргэ үлэлэһии туһунан кэпсэттилэр. «Ол иһигэр быйыл тохсунньуга Саха сирин баһылыга Казахстан бэрэсидьиэнин кытары көрсүһүүтүн түмүктэрин дьүүллэстилэр. Онно биһиги икки өрүттээх бииргэ үлэлээһин боппуруостарын ырыппыппыт уонна сыһыан бары эйгэҕэ сайдан иһэрин бэлиэтээбиппит», – диэн СӨ тас си­­бээскэ уонна норуоттар дьыалаларын миниистирэ Гаврил Кириллин эттэ. Миниистир өрөспүүбүлүкэлэр икки ардыларыгар табаар эргиирин хамсааһына түргэнник сайдан иһэрин бэлиэтээтэ.

«Былырыыҥҥы үлэ түмүгүнэн табаар эргиирэ 80 мөлү­йүөн дуолларга тэҥнэспитэ. Бу пандемия иннинэ кэми кытары тэҥнээтэххэ, уон төгүл элбэх. Биһиги Казахстаны кытары атыыны салгыырга бэлэммит», – диэтэ Кириллин.

Саха сирин куораттарын  маастар-былааннара

«Быйылгы Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа биһиги улахан болҕомтону куораттарбыт маастар-былааннарын олоххо киллэриитигэр уурабыт. Ол курдук, билигин Дьокуускай, Нерюнгри уонна Мииринэй куораттар бырайыактара оҥоһулла сылдьаллар. Бу үс куорат Уһук Илиҥҥэ саамай түргэнник сайдан иһэр киининэн буолаллар. Маастар-былаан чэрчитинэн суоллар өрөмүөннэниэхтэрэ, хаарбах дьиэлэр көтөрүллүөхтэрэ, саҥа оскуолалар, уһуйааннар уо.д.а социальнай хайысха­лаах эбийиэктэр тутуллуохтара. Бу улахан үлэ түмүгүнэн олох-дьаһах хаачыстыбата тупсуоҕа, куорат олохтоохторун ахсаана элбиэҕэ», – диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин экэниэмикэтин ми­­ниистирэ Майя Данилова бэлиэтээтэ.

Пуорум кэмигэр дойду бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа Уһук Илин куораттарын, ол иһигэр Нерюнгри куорат, маастар-былаанын билиһиннэрбиттэрэ. Бэрэсидьиэн Нерюнгри уонна атын даҕаны куораттар маастар-былааннарын өйүүрүн биллэрдэ.  Кини куораттар кэлим сайдыыларын былаанын бигэргэтэргэ уонна үбүлээһин хайдах оҥоһулларын быһаарарга соруйда.

Нерюнгри маастар-былаана куорат олохтоохторун санааларынан, баҕаларынан оҥоһуллар. Онно олохтоохтор суол туругун, мэдиссиинэ өҥөтүн оҥоруу хаачыстыбатын уонна куораты тупсарыы кыһалҕатын туруорбуттара.  Куорат олохтоохторун чуолаан, Нерюнгритааҕы киин балыыһа өрөмүөнэ, олорор ­дьиэлэри уонна Сынньалаҥ пааркатын  тутуу долгутара.

Уһук Илин сайдыытын министиэристибэтэ салаатынан Бэрэсидьиэн биир кэлим субсидиятынан Нерюнгритааҕы киин балыыһа эбийиэгин хапытаалынай өрөмүөнэ уонна эбийиэктэри саҥардыы саҕаланна, ону сэргэ биэс эбийиэккэ оборудование атыылаһылынна. Оттон «Куттала суох, хаачыстыба­лаах суоллар» национальнай бырайыагынан федеральнай бүддьүөт үбүнэн 39 км суол оҥоһуллара былааннанар. 2025 с. куорат Култуура киин пааркатын саҥаттан оҥоруу былааннанар, быйыл Нерюнгри кыайан, федеральнай үбүлээһинтэн 150 мөл. солк. ылбыта.

Ону тэҥэ, пуорумҥа СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков уонна «ВЭБ.РФ» салайааччытын солбуйааччы Артем Довлатов Дьокуускай куорат маастар-былаанын сүрүн инвестиционнай бырайыактарын үбүлээһинигэр бииргэ үлэлээһин туһунан  сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.

Саха сирэ уонна «ВЭБ.РФ» корпорация баттаабыт докумуон­нара киин куорат пассажирдары таһар тырааныспарын са­­йыннарыыга, саҥа оптуобустары атыылаһыыга, «Дьокуускай» аэропорт норуоттар икки ардыларынааҕы терминалы саҥалыы уларытан оҥорууга уонна транспортнай-логистическэй киин тутарга туһаайыллар. Ону таһынан, «ВЭБ.РФ» Жатайдааҕы судоверфь саҥардан оҥоруутун бастакы түһүмэҕин өйүөҕэ. Итиэннэ, сөбүлэһии чэрчитинэн  COSMOS гостиницаны тутуу, куорат пааркатын, Комсомольскай болуоссаты тупсаран оҥоруу  уонна успуорт комплексын тутуу  былааннанар.

+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: