Салгыы
ВЭФ-2023: Саха сирэ уонна Казахстаан бииргэ үлэлээһии боппуруостарын дьүүллэстилэр

ВЭФ-2023: Саха сирэ уонна Казахстаан бииргэ үлэлээһии боппуруостарын дьүүллэстилэр

Ааптар:
12.09.2023, 13:45
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Бөлөххө киир:

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна Арассыыйаҕа Казахстаан боломуочуйалаах посола Даурен Абаев култуура, үөрэх, атыы-эргиэн эйгэлэригэр бииргэ үлэлэһии туһунан кэпсэттилэр. 

«Ол иһигэр быйыл тохсунньуга Саха сирин баһылыга Казахстаан бэрэсидьиэнин кытары көрсүһүүтүн түмүктэрин дьүүллэстилэр. Онно биһиги икки өрүттээх бииргэ үлэлээһин боппуруостарын ырыппыппыт уонна сыһыан бары эйгэҕэ сайдан иһэрин бэлиэтээбиппит», — диэн СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларын миниистирэ Гаврил Кириллин эттэ.

Миниистир өрөспүүбүлүкэлэр икки ардыларыгар табаар эргиирин хамсааһына түргэнник сайдан иһэрин бэлиэтээтэ.

«Былырыыҥҥы үлэ түмүгүнэн табаар эргиирэ 80 мөлүйүөн дуолларга тэҥнэспитэ. Бу пандемия иннинэ кэми кытары тэҥнээтэххэ, уон төгүл элбэх. Биһиги Казахстааны кытары атыыны салгыырга бэлэммит», — диэтэ Кириллин.

Ону сэргэ, көрсөһүүгэ 2024 сылга Казахстааҥҥа буолуохтах Саха сирин күннэрин бэлэмнэниитин боппуруостарын дьүүллэстилэр. Билигин Казахстааҥҥа саха киинэтин күннэрэ уонна Саха сирин судаарыстыбаннай цииркэтин гостуруоллара буола тураллар.

«Итиэннэ наука уонна үөрэх эйгэтигэр бииргэ үлэлэһиини көрдүлэр, сүрүннээн устудьуоннарга уонна преподавателлэргэ атастаһыы бырагырааматын оҥоруутун. Казахстаан ХИФУ-га уонна АГАТУ-га бэйэлэрин устудьуоннарын үөрэттэрэ ыытар интэриэстээхтэр», — диэн миниистир кэпсээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 18°C
  • Ощущается: 18°Влажность: 88% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: