Салгыы
ВЭФ-2024: Ил Дархан Магадаҥҥа диэри тимир суол тутуутун туһунан санаатын үллэһиннэ

ВЭФ-2024: Ил Дархан Магадаҥҥа диэри тимир суол тутуутун туһунан санаатын үллэһиннэ

Ааптар:
04.09.2024, 08:38
Хаартыска: Андрей Сорокин
Бөлөххө киир:
Ил Дархан  Айсен Николаев Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа «Логистическая связанность России. Влияние состояния транспортных коридоров на экономическое развитие» сиэссийэҕэ кытынна.
Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ тырааныспар ситимин инники сайдыытын тула дакылаат оҥордо.

«Дойду илиҥҥи кытылыгар  Магадантан  Владивостокка диэри уонна Хотугу муора суолун Илиҥҥи чааһыгар элбэх муора пуортара, массыына уонна  тимир суоллара тутуллуохтаахтар. Дойду тырааныспарын ситиминэн хааччыйыы сүрүн соругунан Илин Сибиир куораттарын Саха сирин, Магадан уобалаһын нөҥүө  Охотскай муораҕа диэри тахсыыга сылы эргиччи сырыыны олохтооһун буолар», — диэн кини бэлиэтээн эттэ.

Ил Дархан Илин Сибиири уонна Уһук Илини ситимниир сүрүн бырайыагынан  Өлүөнэ муостатын тутуу буоларын эттэ.  Туһааннаах муоста үс   федеральнай, биэс эрэгийиэннээҕи массыына суолларын, Амур-Саха сирин тимир суолларын биир кэлим тырааныспар ситимигэр холбуохтаах.

Эрэгийиэн салайааччыта билиҥҥи баар тимир суол аһардар кыаҕа (пропускная способность) хааччахтааҕынан, таһаҕаһы тиэйии эргииригэр эмиэ охсуулаах. Онон Элгэтээҕи таас чохтоох сиргэ бөдөҥ инвестор  бэйэтин суотугар «Элгэ — Улак» БАМ-тан  (321 км) «Элгэ — Чумикан» 500 км тимир суолу итиэннэ сылга 30 мөл. т. кыамталаах  муора пуордун тутарын иһитиннэрдэ. Бырайыак олоххо 2026 сылга киириэхтээх.

«Чааһынай тимир суоллар тутууларын өйүөххэ наада. Билигин сайдыыны түстүүр Дьокуускайтан Магадаҥҥа диэри тимир суол тутуутун туһунан толкуйдуохха наада», – диэн  Айсен Николаев санаатын үллэһиннэ.

Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3413225

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: