Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр барыта 3,818 трлн солкуобай суумалаах 373 сөбүлэһиигэ илии баттаммытын туһунан Москваҕа пресс-кэмпириэнсийэҕэ РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин Федеральнай уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев иһитиннэрдэ диэн ТАСС суруйар.
«3 трлн 818 млрд солкуобай суумалаах 373 сөбүлэһиигэ илии баттанна. Бу 3 трлн солкуобайдаах сөбүлэһиилэр барыта олоххо киириэхтэрэ диэбэппит. Мантан «туһалаах бородууктаҕа» тахсыыта» 70% тэҥэ буолуохтаах», — диэтэ кини.
Трутнев этэринэн, ВЭФ үлэтин түмүгүнэн инвестиция үгүс көрүҥүн Амурскай уобалас ылыаҕа — 173 млрд. солк. Итиэннэ «Уһук Илиҥҥи кыбартаал» үнүстүрүмүөнү тутуһан олорор дьиэни тутууга хас да сөбүлэһии баттанна.
Пуорум хонуутугар Кытай «Шанхай Йа Дзи» хампаанньатын кытта сөбүлэһии түһэрилиннэ. Бу хампаанньа Амурскай уобаласка Арассыыйаҕа бастакынан портовой тэрили оҥорор собуоту тутуоҕа. Приморьеҕа «Русский» инновационнай научнай-технологическай кииҥҥэ технопаарка тутууга, Хабаровскайга Тихоокеанскай судаарыстыбаннай университет баазатыгар үрдүк үөрэхтэр икки ардыларынааҕы кампуһу тэрийиигэ концессионнай сөбүлэһиилэргэ илии баттаспыттара.
Оттон былырыыҥҥы пуорумҥа 3,27 трлн солкуобай суумалаах 290 сөбүлэһиигэ илии баттаспыттар.
Юрий Трутнев этэринэн, ВЭФ-ка 62 дойдуттан 7 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылбыт. Ол иһигэр, АХШ-ттан, Великобританияттан, Японияттан, Германияттан, Францияттан кыттыбыттар.
Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…