VI Бүтүн Арассыыйатааҕы «Дигория» пуорумҥа уонна IV  «Дигория» национальнай бириэмийэҕэ регистрация аһылынна

Share

Бу сыл алтынньы 11 күнүттэн VI Бүтүн Арассыыйатааҕы «Дигория» пуорумҥа уонна IV  «Дигория» национальнай бириэмийэҕэ сайаапкалары ылыы саҕаланна.

Тэрээһиннэр дойду сайдыытын ырытан оҥорор сыалтан 35 сылга диэри социальнай-гуманитарнай хайысхаҕа учуонайдары уонна быраактыктары түмэр сыаллаах Арассыыйа сүрүн былаһааккатынан буолар.

Бүтүн Арассыыйатааҕы  «Дигория» пуорум чаҕылхай санаалар фабрикатын холобурунан сирдэтэр уонна «ыччаттар ыччат туһугар» диэн формулаҕа олоҕурар.

«Ыччаты кытта үлэни кыаҕын, дьоҕурун, сатабылын учуоттаан, эдэр дьон тус сыаннастарыгар уонна баҕа санааларыгар олоҕуруохтаах. Манна саамай аныгы уонна креативнай ньымалар туттуллуохтаахтар. «Дигория» үлэтэ-хамнаһа олус суолталаах — билиҥҥи ыччат сыаннастарын үөрэтиигэ уонна сүрүн судаарыстыбаннай  түгэннэрин эдэр көлүөнэҕэ тиэрдии креативнай көрүҥүн оҥорон таһаарыынан дьарыктанар», — диэн бэлиэтээтэ Ыччат дьыалатыгар федеральнай ааҕыныстыба (Росмолодежь)  салайааччыта Григорий Гуров.

Пуорум кыттыылаахтарын хомуура биэс сүрүн хайысханан ыытыллар: «Медиа и коммуникации»; «Политическая экспертиза»; «Политическая аналитика»; «Социальные и креативные технологии»; «Политическое образование и гражданское просвещение».

Уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй эйгэҕэ бастыҥ үлэлээх социальнай-гуманитарнай хайысхаҕа бастыҥ исписэлиистэри өйүүргэ пуорум чэрчитинэн IV  «Дигория» национальнай бириэмийэни туттарыы буолар. Бириэмийэ лауреаттара пуорумҥа куонкурус таһынан кыттар быраабы ылыахтара. Бириэмийэ үс номинацияҕа туттарыллар: «Политические исследования»; «Политические технологии»; «Политические коммуникации».

Сиһилии тэрээһин туһунан бу сигэнэн көрүҥ (http://digoriya.ru/otkryta-registracziya-na-vi-vserossijskij-forum-digoriya-i-iv-naczionalnuyu-premiyu-digoriya/).

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago