VI Бүтүн Арассыыйатааҕы «Дигория» пуорумҥа уонна IV «Дигория» национальнай бириэмийэҕэ регистрация аһылынна
Бу сыл алтынньы 11 күнүттэн VI Бүтүн Арассыыйатааҕы «Дигория» пуорумҥа уонна IV «Дигория» национальнай бириэмийэҕэ сайаапкалары ылыы саҕаланна.
Тэрээһиннэр дойду сайдыытын ырытан оҥорор сыалтан 35 сылга диэри социальнай-гуманитарнай хайысхаҕа учуонайдары уонна быраактыктары түмэр сыаллаах Арассыыйа сүрүн былаһааккатынан буолар.
Бүтүн Арассыыйатааҕы «Дигория» пуорум чаҕылхай санаалар фабрикатын холобурунан сирдэтэр уонна «ыччаттар ыччат туһугар» диэн формулаҕа олоҕурар.
«Ыччаты кытта үлэни кыаҕын, дьоҕурун, сатабылын учуоттаан, эдэр дьон тус сыаннастарыгар уонна баҕа санааларыгар олоҕуруохтаах. Манна саамай аныгы уонна креативнай ньымалар туттуллуохтаахтар. «Дигория» үлэтэ-хамнаһа олус суолталаах — билиҥҥи ыччат сыаннастарын үөрэтиигэ уонна сүрүн судаарыстыбаннай түгэннэрин эдэр көлүөнэҕэ тиэрдии креативнай көрүҥүн оҥорон таһаарыынан дьарыктанар», — диэн бэлиэтээтэ Ыччат дьыалатыгар федеральнай ааҕыныстыба (Росмолодежь) салайааччыта Григорий Гуров.
Пуорум кыттыылаахтарын хомуура биэс сүрүн хайысханан ыытыллар: «Медиа и коммуникации»; «Политическая экспертиза»; «Политическая аналитика»; «Социальные и креативные технологии»; «Политическое образование и гражданское просвещение».
Уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй эйгэҕэ бастыҥ үлэлээх социальнай-гуманитарнай хайысхаҕа бастыҥ исписэлиистэри өйүүргэ пуорум чэрчитинэн IV «Дигория» национальнай бириэмийэни туттарыы буолар. Бириэмийэ лауреаттара пуорумҥа куонкурус таһынан кыттар быраабы ылыахтара. Бириэмийэ үс номинацияҕа туттарыллар: «Политические исследования»; «Политические технологии»; «Политические коммуникации».
Сиһилии тэрээһин туһунан бу сигэнэн көрүҥ (http://digoriya.ru/otkryta-registracziya-na-vi-vserossijskij-forum-digoriya-i-iv-naczionalnuyu-premiyu-digoriya/).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: