Видеоттан скрин
“Булчуттар бүгүн ытынан суоллаан көрүөхтэрэ”, — диэтэ баһылык
Тоҕо эрэ кэлиҥҥи кэмҥэ эһэ нэһилиэнньэлээх пуун аттыгар сылдьарын устубут видеолар үксээн иһэллэр. Бу сырыыга видеоҕа Өлүөхүмэ улууһун 2-с Нөөрүктээйи нэһилиэгин таһыгар сылдьар тыатааҕыны уһулбуттар. Көрдөххө обургу улахан эһэ, өссө уста турар дьоҥҥо боотургуох, толлубут быһыыта суох көрүҥнээх. Манныкка сатыы хаама сырыт эрэ.
Биһиги нэһилиэк баһылыга Михаил Терентьевкэ төлөпүөнүнэн эрийэн, туох быһаарыныыны ылынан эрэллэрин ыйыттыбыт.
“Эһэни ытарга лицензиябыт баар, булчуттар бүгүн ытынан суоллаан көрүөхтэрэ, — диэтэ баһылык. – Икки нэдиэлэ анараа өттүгэр былырыыҥҥы оҕону бултаабыттара, оттон бу сылдьааччы арыый улахан. Саас олох улахан биир эһэни эмиэ өлөрөн тураллар. Билигин иссэ сылдьар кэмнэрэ, ол иһин боотургууллар”.
Михаил Андрианович этэринэн, тыатааҕы 1-кы, 2-с Нөөрүктээйилэр, Абаҕа диэкинэн биэс сылтан бэттэх элбээбит.
“Дьиҥэр оннук улахан ойуур баһаара суох, арай гаас, ньиэп турбаларын тардалларыттан үргэн кэлэр буолуохтарын сөп”, — диир баһылык.
Алдан куоракка СӨ Бырабыыталыстыбатын түмүк отчуота буолла. Мунньахха оройуон социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын түмүктэрэ оҥоһулуннулар. Олохтоохтор иннилэригэр…
Төрөөбүт дойдубутугар үүммүт отоннортон, оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут буолан, кисиэл, эбэтэр, хомпуот элбэх битэмииннээх, доруобуйаҕа туһалаах…
Ил Дархан ыйааҕынан Саха сиригэр тохсунньу 28 күнүттэн олунньу 28 күнүгэр диэри баһаары утары ураты…
2024 сыл ыам ыйыгар Табаҕа сэлиэнньэтигэр уот ситимин баҕаната дьиэ таһыгар турбут массыынаҕа сууллубут, ол…
Бүгүн, олунньу 11 күнүгэр “Сахабэчээт” издательство үлэһиттэрэ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө сахалыы дьыктаан…
Ил Дархан Айсен Николаев Нерюнгрига тиийэн, тэрээһиннэргэ бэлэмнэнии үлэ хайдах-туох ыытылла турарынан сүбэ мунньаҕы ыытта.…