Видео: «Сылгыһыттар ыллыыллар» – сыспай сиэллээххэ сүгүрүйүү

Share

Саха сиригэр сыспай сиэллээҕи тэнитэр туһугар кыһыҥҥы бытархан тымныыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска аһаҕас халлаан анныгар күннэтэ сыралаһар, ис сүрэхтэриттэн бэриниилээхтик үлэлиир дьонунан сылгыһыттар буолаллар.


Кулун тутар 21 күнүгэр А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Сылгыһыт күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр сарсыардаттан ыытылыннылар.
Түмүктүүр тэрээһининэн норуоттан тахсыбыт талааннар, ырыа куттаах сылгыһыттар «Сылгыһыттар ыллыыллар» диэн түһүлгэлэрэ буолла.
Кэнсиэр түһүлгэтин иилээн-саҕалаан ыыппыт Алексей Константинов удьуор сылгыһыт, экстремал-айанньыт Дугуйдан Винокуровы үрдүк сыанаҕа ыҥырда. Саха атын аан дойдуга аатырдыбыт Дугуйдан тыа сирин хоһуун сылгыһыттарыгар чэгиэн туругу, чөл олоҕу баҕарда уонна  сыыдам сырыылаах Дьөһөгөй оҕотун тэнитэ, ууһата сылдьалларыгар махтанна.
«Сылгыһыттар ыллыыллар» кэнсиэр «Айархаан» этно-бөлөх «Дьөһөгөй Айыы» хомуска композициятынан саҕаланна.
Саханы саха дэппит сылгынан удьуордаан дьарыктанар, сыспай сиэллээх дэлэйэрин туһугар, тыа хаһаайыстыба сайдарыгар кылааттарын киллэрсэ сылдьар дьон өрөспүүбүлүкэҕэ үгүстэр. Кинилэр сылгыһыт эрэ буолбакка, өссө ырыаһыт ылбаҕайа, тойуксут туйгуна буолалларынан, ыраахтан-чугастан Туймаада хочотун биир үрдүк сыанатыгар ыллыы-туойа кэлбиттэр. Ол курдук, Үөһээ Бүлүүттэн анаан-минээн ылбаҕай ырыатын бэлэхтии кэлбит сылгыһыт Михаил Спиридонов «Биһиги сахалар» уонна «Лучший город земли» ырыалары толорбутугар көрөөччүлэр өргө диэри сыанаттан ыыппатылар. Ону сэргэ Уус Алдан улууһуттан Николай Колодезников, Дьокуускайтан Александр Созонов, Тулагыттан Иван Федоров чахчы да ырыа куттаах дьон эбиттэр.


Саха оҕуһун мииннэ да суол ырыатын ыллыыра, атын мииннэ да айан ырыатын тардара. Ол да иһин, дэгэлдьитэр дэгэрэҥ ырыа үөскээн, тэнийэн кэллэҕэ. Биир итинник дэгэрэҥ ырыатын СӨ үөрэҕиритиин туйгуна, Христофор Максимов пуондатын «Киристэпиэл биһирэбилэ» үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына Николай Протасов бэлэхтээтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Любовь Константинова-Кыталы Куо салайааччылаах «Саһарҕа» этно-ырыа ансаамбыла, Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин «Толомон» фольклор ансаамбыла (сал. Галина Лыткина) норуот ырыаларын толордулар.
Дьоро киэһэ талааннаах ырыаһыт Айаал Кириллин-Күндэл тэтимнээх, күүстээх ырыаларынан түмүктэннэ.
Сылгыһыттарга аналлаах үтүө түһүлгэни Дьокуускайдааҕы Айыы кыһата национальнай гимназия «Сандал» норуодунай үҥкүү ансаамбыла (салайааччы Сардаана Катакова), «Ситим» норуодунай үҥкүү ансаамбыла (сал.Надежда Попова), аан дойдутааҕы бэстибээллэр лауреаттара, дипломаннара «Алаас кыргыттара» (сал. Елена Прокопьева), «Уран» (сал. Ньургун Индеев) сыспай сиэллээххэ аналлаах үҥкүүлэринэн  киэргэттилэр.
1,5 чаастаах кэнсиэр былаһын тухары улахан экраҥҥа дьөһөгөйгө аналлаах хаартыскалар, видеолар көрдөрүллэ турбуттара кэнсиэр ис хоһоонун өссө дириҥэтэн биэрдэ.
«Арчы дьиэтэ» духуобунас киинэ тэрийбит «Сылгыһыттар ыллыыллар» кэнсиэрин көрөөччүлэр Дьөһөгөй оҕотугар сүгүрүйүү быһыытынан ылынан, үөрэн-көтөн, астынан тарҕастылар.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago