Видеоттан скриншот
Таатта улууһун Уолба нэһилиэгиттэн чугас тыатааҕы сылдьарын көрбүттэрин туһунан видео социальнай ситимҥэ тарҕанна. Биһиги нэһилиэк баһылыга Александр Афанасьевич Винокуровка сибээскэ таҕыстыбыт:
— Биһиги дойдубутугар кыыл-сүөл элбэх. Тыатааҕы туһунан этэр буоллахха, тыатааҕыны бултаһар кэм. Тыатааҕы суола аһыллан барар-кэлэр. Элбэх улахан үрэхтэрдээхпит. Онон улахан кыыл-сүөл ааһар, сайылыктарын булар кэмэ буолан ити кэмҥэ дьон-сэргэ көрөр. Күөх ситтэҕинэ кыыл кэлэн сылгыны, ынаҕы тутуон сөп. Оччотугар лиссиэнсийэ ылан тоһуур охсон булчуттар бултааччылар. Тыатааҕы суолга көстөн кэлээччигэ-барааччыга кутталынан суоһуур кэмнэрэ урут буолуталыыллара. Бу видеоҕа көстөр тыатааҕыны көрбүт сирдэрэ сайынын оттонор сайылык сир буолар. Нэһилиэктэн чугас сытар. Всеволод Ионов олорбут өтөҕөр, Андросова-Ионова эргэ тахсыбыт сайылыга дэнэр. Билигин ааһар кэмнэрэ буолан улахан кутталынан суоһуу илик. Онон билиҥҥитэ миэрэ ыла иликпит.
Онкологиялаах ыарыһахтары өйүүр «UNITY» аһымал пуонда «Роскосмос» госкорпорацияны кытта оҕолорго баҕа санааларын олоххо киллэрэллэригэр көмөлөһөр…
Сэтинньи 3 күнүгэр, Норуот сомоҕолоһуутун бырааһынньыгын көрсө, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт уонна Модут орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ…
Арассыыйа Дьоруойа Алексей Петров төрөөбүт дойдутугар, Үөһээ Бүлүү улууһугар, кылгас уоппускатыгар кэллэ. Кини чугастааҕы күннэргэ…
Саха сирин уустара «Клинок – үгэстэр уонна аныгы кэм» диэн ааттаах аан дойдутааҕы быыстапкаҕа тимири…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ муус туруутунан сибээстээн «Жатай – Төхтүр – Жатай»…
Күн ньууругар хамсааһын эмиэ күүһүрбүтэ бэлиэтэнэр. Учуонайдар этэллэринэн, икки нэдиэлэлээх тохтобул кэнниттэн Күҥҥэ кэмиттэн кэмигэр…