Салгыы
Вильям Иванов Курскай уобаласка тыына быстыбыт дьон төрөппүттэригэр, аймахтарыгар дириҥ кутурҕанын тиэртэ

Вильям Иванов Курскай уобаласка тыына быстыбыт дьон төрөппүттэригэр, аймахтарыгар дириҥ кутурҕанын тиэртэ

Ааптар:
09.08.2024, 15:25
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сирин Сэрии, тыыл, Сэбилэниилээх күүстэр уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар бэтэрээннэрин (биэнсийэлээхтэрин) уопсастыбаннай тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Вильям Иванов Курскай уобаласка ВСУ кимэн киириитин түмүгэр тыына быстыбыт дьон төрөппүттэригэр, аймахтарыгар дириҥ кутурҕанын биллэрдэ.

Бу туһунан СИА иһитиннэрэр. «Неофашистартан эйэлээх дьон ордук эмсэҕэлиир. Украинаҕа неофашизм баар буолуута бырааба, конституционнайа суох дьайыылартан тутулуктаах. Өстөөх Сэбилэниилээх күүстэрин буулдьатыттан, буомбатыттан дьон-сэргэ ордук эрэйи көрөр. Украина эрэһиимэ неофашизм буоларын ыраас санаалаах, сөпкө толкуйдуур дьон өйдүүллэр. Биһиги өбүгэлэрбит, эһэлэрбит, хос эһэлэрбит, аҕаларбыт фашизмы Сэбиэскэй Сойуус сириттэн-уотуттан кыйдаабыттара, Европа дойдуларын босхолообуттара. Ол кэмҥэ фашистар эрэһиимнэрэ алдьанан эрэрин билэннэр, куораттары алдьатан, эйэлээх олохтоохтору, концентрационнай лааҕыртан дьону өлөртөөн барбыттара. Биһиги Курскай уобалас олохтоохторун уонна байыаннай дьайыы хонуутугар кыттар байыастарбытын өйүүр, кинилэргэ күүс-көмө буолар тустаахпыт», — диэн Вильям Иванов кэпсээтэ.

Санатан эттэххэ, атырдьах ыйын 7 күнүгэр Курскай уобалас ВСУ кимэн киириитигэр түбэспитэ. Сорох дьон дьиэлэрэ алдьаммыта, инфраструктурата эмсэҕээлэбитэ. «Биир Ньыгыл Арассыыйа» Саха сиринээҕи кэмитиэтэ эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмө хомуйан саҕалаата.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: