Владимир Путин Александр Колесовка «Арассыыйа Дьоруойа» үрдүк аат сулуһун туттарда
Бүгүн, ыам ыйын 23 күнүгэр, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин “Боотур” этэрээт хамандыырыгар Александр Гаврильевич Колесовка «Арассыыйа Дьоруойа» үрдүк аат сулуһун үөрүүлээх быһыыга-майгыга Кремль Екатерининскай дыбарыаһыгар туттарда.
Бу үтүө сонуну муус устар 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев бар дьоҥҥо иһитиннэрбитэ.
«Биһиги ортобутугар Александр Колесов курдук дьон олороруттан олуһун киэн туттабын. Бэйэлэрин харыстаммакка, атын дьону быыһыырга бэлэм дьонунан… Бу дьоҥҥо патриоттуу санаа, эр санаалаах буолуу диэн мээнэ тыллар эрэ буолбатахтар. Биһиги Дьоруойбут. Биһиги кэммит дьонугар уонна үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур.
Саха сирин үгүс доброволецтара Арассыыйа атын муннуктарыттан сылдьар байыастары кытта инники күөҥҥэ сылдьан, дойдубутун нацистартан көмүскүүллэр. Александр наҕараадата — элбэх нациялаах норуот биир сомоҕо буолуутун бэлиэтэ», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев Телеграм-ханаалыгар бүгүн суруйда.
Александр Колесов байыаннай дьайыы кэмигэр 50 байыаһы быыһаабыта. Ол туһунан биһиги таһаарыыларбытыгар хаста даҕаны сырдаппыппыт:
ИНТЕРВЬЮ: 50 байыаһы быыһаабыт Александр Колесовтыын кэпсэтии.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: