Владимир Путин: Арассыыйаҕа хомуур түмүктэннэ

Share

Арассыыйаҕа хомуур түмүктэммитин туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ, алтынньы 31 күнүгэр, Сочига Азербайджан бэрэсидьиэнин Ильхам Алиевы уонна Армения премьер-миниистирин Никола Пашиняны кытары көрсүһүү кэнниттэн суруналыыстарга иһитиннэрдэ.

Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ хомуур түмүктэммитин туһунан анал ыйааҕы таһаарар наадатын дуу, суоҕун дуу юристары кытары сүбэлэһиэҕим. Хомуур билигин түмүктэннэ, туочука турда”, — диэн иһитиннэрэр Владимир Путин суруналыыстар ыйытыыларыгар. Бэрэсидьиэн этэринэн, билигин 259 тыһыынча саллаат анал үөрэххэ сылдьар.

Санатан суруйдахха, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ бэҕэһээ Сочига Азербайджан бэрэсидьиэнин Ильхам Алиевы уонна Армения премьер-миниистирин Никола Пашиняны кытары көрсөн кэпсэттэ. Көрсүһүү кэмигэр Азербайджан уонна Армения сыһыаннарын, Украинаттан бурдугу таһаарыы, о.д.а. тустарынан кэпсэттилэр. Владимир Путин бэлиэтииринэн, билигин да бурдук дьадаҥы дойдуларга үс-түөрт эрэ бырыһыана тиийэ олорор. Бэрэсидьиэн Украина эппит тылыгар турбатын, Арассыыйа бурдугу таһыы бырагырааматыттан тахсарын иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

5 часов ago