Салгыы
Владимир Путин дьиэ кэргэн ипотекатын 2030 сылга диэри уһатарга эттэ

Владимир Путин дьиэ кэргэн ипотекатын 2030 сылга диэри уһатарга эттэ

29.02.2024, 19:59
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Бүгүн Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайан этиитигэр дьиэ кэргэн ипотекатын бары усулуобуйатын уларыппакка туран өссө 2030 сылга диэри уһатарга соруйда.

«Дьиэ кэргэн ипотекатын бырагыраамата быйылгы сыл от ыйыгар диэри барыахтаах. Ону мин бары параметрдарын уларыппакка туран 2030 сылга диэри уһатарга этэбин», — диэтэ Владимир Путин.

Санатан эттэххэ, Арассыыйааҕа хас даҕаны федеральнай судаарыстыбаннай ипотека бырагыраамата үлэлиир: саҥа тутуллар дьиэлэргэ 8%-наах «Чэпчэтиилээх ипотека», 6%-наах «Дьиэ кэргэн ипотеката», 5%-наах IT-исписэлиистэригэр, 3%-наах «Тыа сирин ипотеката», 2%-наах «Уһук Илин ипотеката», саҥа эрэгийиэннэр олохтоохторугар чэпчэтиилээх кирэдьиит көрүллэр.

Итини таһынан дойду сорох субъектарыгар эпрэгийиэннээҕи бырагыраамалар үлэлииллэр. «Чэпчэтиилээх ипотека» уонна «Дьиэ кэргэн ипотеката» бырагыраамалар 2024 с. от ыйын 1 күнүгэр тохтуохтаахтар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: