Владимир Путин дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһүү туһунан мунньах ыытта

Share

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ көмө туһунан бэҕэһээ бырабыыталыстыбаны кытары мунньах ыытта. Манна кини дьиэ кэргэн дохуоттаах буолуутун бырабыыталыстыба хайаатар да инники күөҥҥэ илдьэ сылдьыахтааҕын бэлиэтээн эттэ.

Бэрэсидьиэн мунньах кэмигэр дьиэ кэргэн дохуоттаах буолуутугар болҕомтону уурарга, билигин баар көмөнү өссө хат ылан үөрэтэн көрөргө эттэ. Санатан эттэххэ, 2020 сылтан Арассыыйаҕа Ийэ хапытаалын бастакы оҕолорун оҕоломмут дьиэ кэргэн ылар бырааптаммыта. Бу хапытаал 2026 сылга диэри больдоҕо уһатыллыбыта. Ону таһынан аҕыйах сылтан бэттэх оҕо уон сэттэ сааһыгар диэри көрүллэр эбии көмө төлөбүрэ киирбитэ.

Ийэ хапытаалын таһынан кэлиҥҥи сылларга ийэ оҕотун күүтэр ыйдарыттан саҕалаан оҕо уон сэттэ сааһын туолуор диэри судаарыстыбаттан көмөнү ылар систиэмэтэ олохтоммута. Быйыл, санатан эттэхпинэ, муус устартан аҕыстарыттан уон сэттэ саастаах оҕолорго көмө көрүллүбүтэ. Бу үлэ кэмигэр киирбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Дьиэ кэргэн дохуоттаах буолуута ситиһиллиэхтээх, ол – саамай сүрүнэ, — диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.

Владимир Путин иһитиннэрбитинэн, дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһүүнү аҥаардас демография эрэ өттүнэн көрөр тутах, манна үлэ ырыынага, дьарыктаах, дохуоттаах буолуу барыта учуоттаныллыахтаах.

Дойду үрдүнэн үлэтэ суох буолуу 3,9 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Кэлиҥҥи аҕыс ый түмүгүнэн, орто хамнас 12,7 бырыһыан үрдээтэ. Ол эрээри хамнас көрдөрүүтэ, сыана үрдээһинин кытары тэҥнээтэххэ, билигин да намыһах. Арай бу кэлиҥҥи ыйдарга сыана арыый да намтыы быһыытыйда, онон сотору кэминэн манна хартыына чыҥха атын буолуоҕа диэн эрэнэбин. Бу маннык кэмҥэ дьиэ кэргэни, ордук оҕолоох ыаллары, өйүүр, кинилэргэ көмө-тирэх буолар хайаатар да наада, — диэн иһитиннэрэр Владимир Путин.

Бэрэсидьиэн мунньахха быйыл тохсунньуттан олоруу алын кээмэйэ дойду үрдүнэн уопсайа 8,6 бырыһыанынан, бэс ыйыгар өссө уон бырыһыан үрдээбитин бэлиэтээн эттэ. Олоруу алын кээмэйигэр олоҕуран, социальнай төлөбүрдэр эмиэ улааппыттара. Владимир Путин этэринэн, социальнай боппуруостары, ордук дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһүүнү, бырабыыталыстыба ордук болҕомтоҕо ылара наада.

Хамнаһы, социальнай төлөбүрдэри үрдэтиини таһынан төрөппүттэр эбии дохуоттаах буолуулара, ол эбэтэр саҥа идэҕэ үөрэниилэрэ, билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатыылара эмиэ болҕомтоҕо ылыллыахтаах. Төрөппүттэр төһөнөн квалификацияларын үрдэтэллэр да, кэнэҕискитин үрдүк хамнаһы аахсалларыгар көмөлөөх буолуоҕа. Дьиэ кэргэҥҥэ көмө-тирэх буолар боппуруостары бырабыыталыстыба ураты болҕомтоҕо илдьэ сылдьара ирдэниллэр, — диэн этэр кини.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Оҕолор Чокуурдаахха сырыттылар

Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан Аллайыаха улууһугар элбэх үлэ ыытылла…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Ыраастаныы

Ыраастаныы киһи киртийдэҕинэ оҥоһуллар. Киһиэхэ кир тастан киирэр. Ким эрэ куһаҕаны эппитэ, күннээҕи олоххо туох…

4 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Күндээдэ эбээлэрэ уһуйааҥҥа ыалдьыттаатылар

Өрөспүүбүлүкэ күнүн бары улуустарга өрө көтөҕүллэн туран, бу күннэргэ араас дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэри ыыттылар.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин олохтооҕо «Будущее» уопсастыбаннай бириэмийэ лауреата буолла

Москваҕа муус устар 27 күнүгэр "Центр духовно-нравственное единение "Будущее" НКО уопсастыбаннай бириэмийэтин туттарыы сиэрэ-туома ыытылынна.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Алдан дэлэгээссийэтэ Чөркөөххө кэлэн уопут атастаста

Бу күннэргэ Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгин дэлэгээссийэтэ Чөркөөххө кэлэн кыраайы үөрэтээччи  Гаврил Вырдылинтан нэһилиэк…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элбэх оҕолоох ыалларга өйөбүл туһунан

Саха сирин Ил Дархана элбэх оҕолоох ыаллары социальнай өттүнэн өйүүр эбии миэрэлэр тустарынан ыйаахха илии…

6 часов ago