Владимир Путин: “Наукабыт технология өттүнэн сайдар кыахтаах”

Share

Бу туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ, ахсынньы 1 күнүгэр, эдэр учуонайдар иккис конгресстарыгар иһитиннэрдэ.

 

Владимир Владимирович бэлиэтииринэн, Арассыыйа ааспыт үйэ 90-с сылларыгар үгүһү сүтэрбитэ эрээри, төрүт наукатын илдьэ хаалан, билигин онно тирэҕирэн сайдар кыахтаах.

Арассыыйа төрүт науката, үөрэҕэ, туох да диэбит иһин, олус күүстээх. Кырдьык, 1990-с сыллар кэннилэриттэн биһиги элбэҕи сүтэрбиппит. Ол иһигэр наукаҕа да, үөрэххэ да кыһалҕалар бааллара. Ол да үрдүнэн биһиги наукабыт чиҥ олуктаах буолан, онтон саҥа үнүгэстэр үүнэннэр, билигин технология өттүнэн хайа баҕарар үүнэр-сайдар кыахтаахпыт, — диэн этэр кини.

Бэрэсидьиэн көрсүһүү кэмигэр Арассыыйа наукаҕа туһаныллар араас прибору, матырыйаалы бэйэтэ бэлэмниэҕин туһунан иһитиннэрдэ. Көрсүһүү кэмигэр инженернэй киин тутуутун өйөөтө.

Хомойуох иһин, билигин наукабытыгар туһаныллар үгүс приборбутун тас дойдуттан ыла олоробут. Сорох эйгэлэргэ ити бырыһыана 90-ҥа кытары тиийэр. Онон прибордарбытын бэйэбит оҥорорбут, онон туһанарбыт уолдьаста. Итини билиҥҥи кэм да, балаһыанньа да ирдиир, — диэн этэр Владимир Путин.

Бэрэсидьиэн этэринэн, тэрилтэлэр Арассыыйа прибордарынан туһаналларын көҕүлүүр сыалтан, былырыыҥҥыттан саҕалаан анал грант көрүллүбүт. Грант усулуобуйатыгар этиллэринэн, өскөтүн тэрилтэ туһанар прибордарын уон бырыһыанын Арассыыйа иһиттэн атыылаһар буоллаҕына, судаарыстыбаттан көмө ылар кыахтаах. Быйыл өссө биэс бырыһыанынан улаатыннаран, прибордары ылыы бырыһыанын 15 % оҥорбуттар. Салгыы маны өссө үрдэтэн иһэр былааннаахтар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago