Владимир Путин “Плейстоцен паарката” бырайыагы биһирээтэ
АСИ “Эдэр профессионаллар” хайысхатын дириэктэрэ Дмитрий Песков “Саҥа кэм күүстээх быһаарыылара” пуорумҥа саҥа экология торумнарын туһунан дакылаат оҥордо, олор истэригэр “Плейстоцен паарката” бырайыак туһунан сырдатта.
Билэрбит курдук, былырыын бу бырайыага Мельниченко Пуондата өйөөн, паарка сайдыыта саҥа күүстээх тыыны ылбыта. Модератор дакылаатыгар сир кырсын саҥатытыы туох туһаны ыларын туһунан кэпсээтэ – килиимэт уларыйыытын утары үтүө дьайыы туохтан тахсарын, кыыл, сүөһү элбииригэр сабыдыалын.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Плейстоцен паарката” бырайыагы чорботон бэлиэтээтэ. “Саҥаттан саҥа суоллар көстөн иһэллэр, саҥа технологиялары туһаныы саҥа саҕахтары арыйар”, — диэн эттэ бэрэсидьиэн.
Мельниченко Пуондата өйөөбүт, ханна даҕаны майгынныыр ханыыта суох “Плейстоцен паарката” “Саҥа кэм күүстээх быһаарыылара” национальнай пуорум 100 бастыҥ бырайыагын испииһэгэр киирдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: