Владимир Путин сыл түмүгүн таһаарда

Share

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, Арассыыйа бу сылы эрэллээхтик түмүктээн эрэр. Бу туһунан кини бэҕэһээ, ахсынньы 22 күнүгэр, суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр эттэ.

Владимир Путин иһитиннэрбитинэн, билигин төһө да тас дойдулар араас хааччаҕы киллэрэ турдаллар, дойду экэниэмикэтэ бигэ туруктаах.

Тас дойдулар биһиги экэниэмикэбитин бастакы уочарат самнара сатаабыттара да, хоруйу ыллылар. “Бөдөҥ сүүрбэ” бөлөххө киирэр дойдулар ортолоругар биһиги көрдөрүүлэрбит өссө чорбойон тахсаллар. Төһө да билигин араас хааччахха олордорбут, экэниэмикэбит туруга бигэ уонна сүрүн көрдөрүүлэрбит куһаҕана суохтар. Холобур, үлэтэ суох буолуу бырыһыана пандемия иннинэ 4,7 % буоллаҕына, билигин 3,8-3,9 % тэҥнэһэр. Ити аата үлэ ырыынага биир таһымы тутан турарын көрдөрөр. Үп-харчы боппуруоһугар да долгуйар төрүөппүт суох. Бу барыта, биллэн турар, халлаантан түһэн кэлбэтэҕэ, бырабыыталыстыба, эрэгийиэннэр, бизнес, уопсастыба бары куолаан бииргэ үлэлээһиммит үтүө түмүгэ, — диэн бэлиэтиир кини.

Бэрэсидьиэн иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа бу сылы эрэллээхтик түмүктээн эрэр.

Уопсай ылан эттэххэ, бу сылы биһиги эрэллээхтик түмүктээн эрэбит. Инники былааннарбытын хайа баҕарар ситиһэр кыахтаахпыт. Ол иһигэр эһиилги сыллааҕы былааннарбытын эмиэ, — диэн бэлиэтиир Владимир Путин.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Дьааҥыга баһаарга биир киһи эмсэҕэлээтэ

Ыам ыйын 2  күнүгэр Судаарыстыбаннай баһаарынай надзорга Үөһээ Дьааҥы улууһун Улахан Күөл сэлиэнньэтиттэн 28 км…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Тус сыаллаах дуогабарынан биир үөрэххэ туттарсыахха сөп

“Ыам ыйын 1 күнүттэн абитуриеннар биир эрэ үрдүк үөрэх тэрилтэтин биир эрэ бырагырааматыгар сайабылыанньа биэриэхтэрин…

28 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

14 №-дээх оптуобус суоппара оҕолору үөхпүт…

Социальнай ситимҥэ Дьокуускайга  14-c №-дээх оптуобус суоппара  оҕолору үөхпүтүн туһунан видеолаах  иһитиннэрии тарҕаммыта. Эмсэҕэлээбит оҕолор…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

Суордаах нэһилиэгэр — саха ынаҕа

Дьааҥы улууһун уһук сытар Суордаах нэһилиэгэр сүөһү иитиитигэр улахан болҕомто уураллар. Ол курдук, быйыл саас…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Суол быһылааныгар снегоходтаах киһи суорума суолланна

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 9 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Үөһээ Бүлүү…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар Куйдуһун муостатын тутуута түмүктэнэн эрэр

Бу сыл саҥатыгар, олунньу 26 күнүттэн, Өймөкөөн улууһугар Томтор уонна Сордоҥноох нэһилиэктэрин ситимниир Куйдуһун муостатын…

2 часа ago