РФ бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Арассыыйа сорох соҕуруу эрэгийиэннэригэр байыаннай эпэрээссийэ биллэриллиэҕиттэн аэропортар сабыллан тураллар. Аэропортар хаһан аһыллыахтарын туһунан Владимир Путин быһа эпиирин кэмигэр хоруйдаата.
— Аэропортар аһыллыыларын туһунан эттэххэ, бастатан туран, биһиги манна куттал суох буолуутун хааччыйыахтаахпыт. Бу сүрүн боппуруоспут, — диэн этэр Владимир Владимирович.
Санатан эттэххэ, билигин Арассыыйа соҕуруу эрэгийиэннэригэр уон биир аэропорт сабыллан турар. Ол иһигэр Крым, Краснодар, Анапа, Геленджик, Ростов-на-Дону, Белгород, Брянск, Элиста, Курск, Воронеж, Липецк аэропортара. Былырыын бу аэропортарга бүддьүөттэн көмө быһыытынан 7,5 млрд солкуобай көрүллүбүтэ. Оттон быйыл ыам ыйыгар — 2,5, балаҕан ыйыгар – 2,6 млрд солкуобай.
Ахсынньы 15 күнүгэр Краснодарга бастакы рейс көтүөхтээх. Краснодар кыраайын тырааныспарын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, бу көтүү кэтээн көрүү быһыытынан ыытыллыахтаах.
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …
Түөкүттэр социологическай ыйытыылары биэрбитэ буолан, кэпсэтиннэрэ сатыыллар. Сыаллара-соруктара – куоласкын уһултара охсуу. Ол кэнниттэн эн…