От ыйын 12 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин нэдиэлэтээҕи брифиҥҥэ сыл аҥаарын иһигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 7 тыһыынча ыйытыы киирбитин туһунан эттэ.
Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар. «Сыл бастакы аҥаарыгар байыаннай сулууспалаахтартан уонна кинилэр дьиэ кэргэннэриттэн кэлбит 7 тыһыынча кэриҥэ саҥа уонна иккистээн киирбит ыйытыыларынан үлэлээтибит, госпитальга сырыыны эбэн туран. Анал байыаннай дьайыы ыытылларын тухары 29 тыһыынча ыйытыы киирдэ, 37 тыһыынча биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн консультация оҥоһулунна”, — диэтэ Владимир Скрябин.
Киин дириэктэрэ этэринэн, бары ыйытыылар босхолор, килийиэн аата ыйыллыбат. Психологтуун үлэ кимиэхэ төһө наадатынан уһуур кыахтаах. Байыаннай сулууспалаахтар ийэлэрин, кэргэннэрин, аймахтарын өйүүр араас бөлөхтөр бааллар. Чугас киһилэрин сүтэрбит уонна сураҕа суох сүппүт оҕолоох дьоннуун психологтар үлэлэһэллэр. Психологка “табыгаһа суох”, “сөбө суох” диэн тиэмэ суох.
“Психологтар учуокка кими да туруорбаттар, хас биирдии киһи килийиэн быһыытынан сылдьаллар, бэйэлэрин баҕаларынан ыйыталаһаллар. Наада буоллаҕына идэлээх дьон көмөтүнэн туһаныҥ”, — диэтэ Владимир Скрябин.
8 (4112) 31-91-09 нүөмэринэн Дьокуускайга суруттарыахха эбэтэр филиаллар хантаактарынан билсиэххэ сөп. Төгүрүк суукканы быһа үлэлиир төлөпүөн: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салгыы 6 уонна 2.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…