Бу нэдиэлэҕэ Саха сирин волонтердара 500-тэн тахса киилэ гуманитарнай көмөнү байыастарга ыыппыттар.
Бу туһунан #МЫВМЕСТЕ аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайар Айыллаан Винокуров иһитиннэрдэ.
«Бу сырыыга сылаас таҥас-сап, эмп-томп, блиндажнай чүмэчилэр, хаххалыыр сиэккэлэр, күнээҕи туттуллар мал-сал ыытылынна«, — диэн этэр ыстаап салайааччыта. Санатан эттэххэ, #МЫВМЕСТЕ ыстаап үлэтэ тиһиктээхтик салҕанар.
«Ыстаап икки сүрүн хайысханан үлэлиир — байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүү уонна гуманитарнай көмөнү хомуйуу. Сайаапкалары 122 нүөмэринэн 6 кунуопканы баттаан күн ахсын тоҕустан киэһээ алтаҕа диэри биэриэхтэрин сөп. Ону таһынан, байыастарга күннэтэ туттуллар наадалаах малы, сылаас таҥаһы хомуйуу салҕанар. «Якутия с тобой!» уопсастыбаннай хамсааһын 09.00 — 19.00 ч. диэри үлэлиир. Дьону-сэргэни, тэрилтэлэри көхтөөхтүк кыттарга ыҥырабыт«, — диэн этэр Айыллаан Винокуров.
Билигин волонтердар гуманитарнай көмөнү, баһыылкалары хомуйалларын, хаххалыыр сиэккэлэри, харысхаллары оҥороллорун этэр. Гуманитарнай көмөнү пууҥҥа: Дьокуускай куорат, Бестужев-Марлинскай уул. 5 (ДОСААФ) аҕалан туттарыаххытын сөп.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр уопсастыбанньыктар байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрүн тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан Саха сирин волонтердара байыастарга 120 туонаттан тахса гуманитарнай көмөнү хомуйан ыыппыттар, байыастарга 2300 аадырыстаах баһыылкалар тиэрдиллибиттэр. #МЫВМЕСТЕ аахсыйа көхтөөх кыттааччылара 2024 сылга биэс тыһыынчаттан тахса байыастар дьиэ кэргэттэрин сайаапкаларын толорбуттар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Үлэ кыбартаалыгар икки күн устата Саха сиригэр туризм сайдыытыгар туһуламмыт үөрэх сэминээрдэрэ, маастар-кылаастар буолан аастылар.…
Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга 40 саастаах киһи уулуссаҕа билбэт дьахтарын көрсөн атаарарга тылламмыт. Киэһээ хараҥаҕа кутталлаах, соҕотоҕун сылдьар…
Сууркул (циркуль) – эргимтэ уонна дуга сурааһынын тардарга, устаны кээмэйдиргэ уонна кээмэйи көһөрөргө аналлах инструмент.…
Ил Дархан Айсен Николаев саха народнай бэйиэтэ Наталья Харлампьеваны кытта Саха сиригэр суругунан литературатын 125…