XIX үйэҕэ Өлүөнэ эбэни хайдах туоруулларай?

Share

Саха сиригэр 19-с үйэтээҕи олох-дьаһах туһунан бэрт элбэҕи ол кэмнээҕи сыылынайдар ахтыыларыттан, этнографическай үлэлэртэн билэбит. “Күлүүһэ суох хаайыынан” ааттаммыт дойдубутугар бэрт элбэх үөрэхтээх дьон кэлэн хааллыбыттара, үгүстэрэ олохторун ыар кэрчигин бэрт сиһилии суруйан хаалларбыттара.

Биир оннук киһинэн Николай Виташевскай буолар. 1878 сыллаахха ыраахтааҕы былааһын утары үлэтин иһин тутуллубута, онно утарылаһан жандармы бааһырдан 6 сылга хаатыргаҕа бириигэбэрдэнэн Сибииргэ кэлбит. 1882 сыллаахха күрээһини тэрийиигэ буруйданан Саха сиригэр хаайылларга уураахтаммыт. Манна Байаҕантай улууһун II Игидэй нэһилиэгэр утаарыллыбыт. Сиимэн Слепцов диэн киһи олорор Халымньыйа алааһыгар олорбута биллэр (билигин бу сир Сиимэн Күөлэ диэн ааттаммыт, Таатта улууһун Уолбатыгар баар). Николай Виташевскай Саха сирин туһунан балачча элбэх кэпсээннэри, ыстатыйалары араас сурунаалларга бэчээттэппитэ биллэр. Сахалар үгэстэрин, ол кэмнээҕи олох-дьаһах туругун, ойуун­нааһын туһунан кэтээн көрүүлэрэ, ыраахтааҕы администрациятын итэҕэстэрин, сыылка устуоруйатын туһунан суру­йуулара архыыптарга хаалбыттар. Бүгүҥҥү ыстатыйаҕа бу “судаарыскай” сорох суруйууларыттан быһа тардан билсиэхпит.

Төлөбүрдээх «босхо» туоратыы

«Сайын өрүһү Дьокуускайтан анараа кытылга туорааһыны чааһынай дьону кытта куорат былаастара хааччыйаллар. Кытылга олорор сахалар урут-­уруккуттан бу үлэнэн дьарыктаналлар, оттон куорат салалтата хас да сыл анараа өттүгэр бу дьарыгы бэйэтин дьаһалыгар ыларга соруммута. Дьиҥэр, былаас тиэ­йиигэ өҥөтө босхо буоларын курдук сананан тэриллибитэ. Ол курдук хас да сыл тиэйии бэдэрээтин Гольман диэн ааттаах урукку бэтэринээр идэлээх киһи ылар. Куорат дьаһалтатын кытта түһэрсэр дуогабара этэринэн, кини хас даҕаны араас кээмэй­дээх уу аалын бэлэмнээн, күн аайы усталларын хааччыйыах­таах, олор икки кытылга кэлээччилэри босхо тиэйиэхтээхтэр. Куормаһыттары, кытылы бэри­йээччилэри кини хамнастыахтаах. Ол эрэн, тыа уонна куорат өттүгэр олорор “кытыл тойотторо” хонтуруол суоҕунан туһанан, бары туорааччылартан соболоҥ ирдиир үгэстээхтэр, ону бопсор туһунан дуостал ким даҕаны санаабат. Ол да буоллар, син былаас анаабыт тэрилтэтэ аатырар буолан, кэпсэтэр кыахтаах киһи кыайыан сөп. Сүрүн барыстарын “кытыллар” сүөһүнү, арыыны атыыга илдьэн иһэр дьонтон ылаллар – бу тыа сахалара куораты кытта эргинэр сүрүн табаардара.
Манна диэн эттэххэ, куор­маһыттар уонна “кытыллар” ити кэмэлдьилээх дьарыктара кыһалҕаттан тахсар. Холобур, куормаһыттар Гольмантан үлэлэрин соболоҥо диэн 40 солкуобайы аахсаллар, ону муус устар 1 күнүгэр бүтүннүү ылаллар уонна алтынньы 1 күнүгэр диэри үлэ­лиэхтээхтэр. Муус устарга бу дьон тыыларын, эрдиилэрин бэрийэллэр. Бэрт сотору аахсыбыт хамнастарын олоччу сиэн (сороҕун, биллэн турар, арыгылаан) кэби­һэллэр. Онон уу суола арыллыаҕыттан кэлбит-барбыт дьонтон төлөбүр хомуйарга күһэллэл­лэр. Оттон кытыл үлэһиттэригэр Гольман тугу да төлөөбөт, онон кинилэр туорааччылартан манньа көрдүүллэрэ буолуохтааҕын курдук өйдөнүллэр.

Бобуулаах арыгы атыыта

Ити курдук балаһыанньа үөскээн, кытылга туспа төлөбүрдэр олохтоммуттар. Холобур, биир ат туорааһына 40-50 кэппиэйкэ, биир ынах сүөһү 25-30 кэппиэйкэ буолар. Халыма уонна Үөһээ Дьааҥы атыыһыттара таһаҕастарын тиэйиитигэр бэйэлэрэ туспа дуогабардаһаллар (3-5-10 солк.). Хонтуруол суоҕа өссө биир хомолтолоох кэмэлдьини үгэскэ кубулутар – куормаһыттар уонна ордук “кытыллар” ааһар сахаларга арыгы атыылыыллар. Бэрт куһаҕан хаачыстыбалаах буокканы (куоракка 35-40 кэп. сыаналаах) ортотунан 1 солкуобайга атыылыыллар. Дьиҥэр, аһыы утаҕы куораттарга эрэ атыылыыр көҥүллэнэр, куорат таһыгар уонна сахалар олохтоох сирдэригэр арыгы атыыта бобуулаах. Ону туһанан кытыл олохтоохторо барыс киллэринэллэр. Оттон арыгы баар сиригэр итирик киһи элбиирэ биллэр, оттон итирик дьон мустар сиригэр иирсээн тахсарын киһи этэ да барбат. Биир бэйэм өрүһү туоруур кыһалҕаттан кытылга бэрт элбэхтэ хонон турардаахпын – хас сырыым аайы итирик иирсээни көрөр этим».

Ыгым кэмҥэ туорааһын туһунан түбэлтэ

Виташевскай сыылкатын миэстэтэ Байаҕантай улууһун II Игидэй нэһилиэгэ эрээри, Дьокуускайга уһун кэмҥэ олорор эбит быһыылаах – куорат туһунан элбэх ахтыылары хаалларбыта биллэр. Биирдэ 188* сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр куорат кытылыттан хайдах туораабытын туһунан туспа кэпсээн суруйан хаалларбыт. Ити кэмҥэ кыдьымах хойуутук устан, билигин буоларын курдук, “туорааһын сабыллыбыт дуу, тиһэх сырыы оҥоһуллар дуу?” диэн саараҥныыр туорааччылар кытылга мустубуттар. “Кыра тыы наймылаһан дөбөҥ соҕустук туоруур баҕа санаа­лаах дьон элбэхтэрэ” диэн суру­йар Виташевскай. Ол эрэн, анараа кытылга элбэх киһи хаайтаран турар буолан, биир улахан аал туоратара биллибит. Балаҕан Ньукулай диэн ааттаах кытыл тойонун ааптар бу курдук ойуулуур:
“40-ча саастаах киппэ эттээх-сииннээх, бар бытык сирэйдээх, онон нуучча хаана булкаастааҕа биллэр киһи. Сирэйиттэн-хараҕыттан сылык­таатахха, күүскэ иһэрэ көстөр, ону таһынан, өрүс тыала-кууһа хараар­дыбыта бэрт суостаах дьүһүннүүр. Көхсүгэр чокуур саа сүкпүт, саннын нөҥүө нотурууска­лаах. Сахалыы тигиллибит бууктаах сонун дьэс алтан симэхтээх хара курунан бааммыт, онтукатыгар кутурук кыыннаах саха быһаҕа уонна хататтаах саппыйа иилиллибиттэр. Тугут тириитэ кулгаахтаах бэргэһэлээх, сылаас үтүлүктэрдээх. Кэлээт даҕаны нууччалыы-сахалыы былаан үөхсэн барбыта, “бүгүн туорааһын буолар дуо?” диэн ыйытыыга, “бүгүн туораабатахпытына, хаһан туоруох­путуй!?” диэн бардьыгынаабыта”.
Куормаһыттар Баһылай диэн ааттанар татаар киһитэ улахан этиһиинэн туорааччылары олордон уонна таһаҕастарын тэлгэтэн баран аалын уугу киллэрбит – аалы үгэс курдук туоруур эр дьон эрдэллэр эбит. Кыдьымах муус мустан тыы сатаан тобулбат мэһэйдэри үөскэтэн, бэрт элбэх эрэйи көрсүбүттэр, бүтэр уһугар өрүс ортотугар арыыга тох­тоон хоммуттар. Ыксаан “биир эмэ аты сиэххэ” диэн этии киирбит эрээри, хата арыыга дьон олорор ­дьиэтин буланнар, ас атыылаһан, сылааска хоммуттар. Сарсыарда саҥа күүһүнэн мууһу утары охсуһан сордоммуттар, иккис күн бүтүүтэ эрэ кытылга үктэммиттэр. Биллэн турар, сүүрүк устун охсуллан, олох атын сиргэ тиксибиттэр. Виташевскай суруйарынан, “Туруйалаахтан 15 биэрэстэ аллараа тиксибиппит. Ол аата, тик­сиэхтээх кытылбытыттан 35 биэрэстэ аллараа устубуппут”.

Түмүккэ

Николай Виташевскай 1897 сыллаахха сыылкатын түмүктээн дойдутугар тиийбит. Санкт-Петербурдааҕы академия истипиэндьийэтигэр Женеваҕа олорон Сибииргэ муспут матыры­йаалларын бэрийиинэн дьарыктаммыт. Ол кэнниттэн өр сыллар устатыгар араас хаһыат үлэтинэн дьарыктаммыт, “быстар дьадаҥы олохтооҕо” диэн үөлээннээхтэрэ ахталлар. 1915 сыллаахха Арассыыйатааҕы Географическай уопсастыба кыһыл көмүс мэ­­тээлинэн наҕараадаламмыт. 1917 сыллаахха Москваҕа ыалдьан өлбүт, Петроградка көмүллүбүт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

13 часов ago