«Якутия» авиахампаанньа «хара бээтинсэни» биллэрдэ

Share

«Якутия» авиахампаанньа  Арассыыйа иһигэр көтөр рейстэригэр  40  бырыһыан  чэпчэтиилээх «хара бээтинсэни» биллэрдэ. 

Ол курдук, чэпчэтиилээх билиэттэр сэтинньи 25, 26, 27 күннэригэр эрэ атыыланалларын туһунан олохтоох авиахампаанньа иһитиннэрэр.  Субсидиялаах билиэттэр  бу чэпчэтиигэ хабыллыбаттар.  Чэпчэтиилээх билиэттэр быйыл  сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 20 күнүгэр диэри уонна 2023 сылга тохсунньу 11 күнүттэн кулун тутар 25 күнүгэр диэри  көтөр рейстэргэ атыыланаллар. Билиэттэри Дьокуускай куоракка баар бары авиакаассалар атыылыыллар.  8 800 700 21 90 диэн нүөмэргэ эрийэн билсиэххитин сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Алексей Еремеев: «Социальнай эбээһээтэлистибэбитин үбүлээһини оннунан хааллардыбыт»

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…

2 часа ago
  • Култуура

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччы дьүөгэм Хотойук Айгыына

Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ  --  аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…

3 часа ago
  • Сонуннар

Кэрэ сибэккинэн сэтинньи тымныытын сэргэхситэллэр

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр  хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын

Мин  соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей”  оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.)  сылдьан,…

5 часов ago
  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

6 часов ago