“Якутия многонациональная” бэстибээл ыытыллыаҕа
Төрүт култууралар күнүнэн, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларынан итиэннэ Саха сирин норуоттарын ассамблеятын 30 сылынан сибээстээн, сэтинньи саҥатыгар “Якутия многонациональная” бэстибээл ыытыллыаҕа.
Тэрээһин омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта биир санааҕа кэлиилэрин бөҕөргөтүүгэ, сомоҕолоһууга, этно култууралаах, тыллаах омуктары өйөөһүнү хааччайыыга туһаайыллар.
Ол курдук, тэрээһин бүгүн, сэтинньи 4 күнүгэр А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыаҕа. Бу күнтэн сэтинньи 20 күнүгэр диэри улуустарынан уонна куораттааҕы уокуруктарынан кыттааччылар олоҕурбут көрүҥүнэн сүүмэрдиир түһүмэхтэрэ саҕаланыаҕа.
Манна норуоттар, национальнай-култуурунай холбоһуктар бэрэстэбиитэллэрэ, тылларын уонна култуураларын илдьэ сылдьааччылар, айар, идэлээх кэлэктииптэр, тэрилтэлэр кыттыахтара.
Бэстибээлгэ норуот үҥкүүтэ, норуот ырыата, төрүт сиэр-туом, норуот үстүрүмүөннэригэр оонньооһун, сахалыы ырыалар, төрүт таҥас, норуот уус-уран айымньыта, төрүт оонньуулар, төрүт аһылык номинациялар баар буолуохтара.
Түмүктүүр түһүмэххэ киирбиттэри наҕараадалааһын Дьокуускай куоракка ахсынньы 1 күнүгэр буолуоҕа. Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ кыттааччылар парадтара, номинацияларынан былаһааккалар үлэлэрэ, “Якутия многонациональная” бэстибээл уонна “Счастливы вместе” өрөспүүбүлүкэтээҕи интернациональнай бэстибээллэри үөрүүлээхтик түмүктээһин, гала-кэнсиэр былааннанар.
Бэстибээл балаһыанньатын А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин саайтыгар таһаарбыттара: https://clck.ru/3CEbgG
Тэрээһин туһунан бу аадырыстан ыйытыҥ: Дьокуускай к., Поярков аат. уул., 4-с нүөмэрдээх дьиэтэ, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин 1-кы хоһо, төл. 8(4112)32-85-76, e-mail: roms_ddn@mail.ru
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: