Ыалдьыттыы кэлэн баран тэлэбииһэрдэрин уорбут
ИДьМ Дьокуускайдааҕы 4№-дээх дьуһуурунай чааһыгар үҥсүү киирбит. Ол курдук, Дьокуускай куорат олохтооҕо дьахтартан кыбартыыратын иһиттэн ыалдьыта тэлэбииһэрин уорбут.
Эмсэҕэлээччи доҕотторун мунньан кыбартыыратыгар бырааһынньыктаабыт. Кини ыалдьыттарын ситэ атаарбакка утуйан хаалбыт. Ыалдьыттар хомунан таксыы кэтэһэ таһырдьа тахсыбыттар. Ол кэмҥэ дьиэлээх дьахтар дьүөгэтэ дьиэҕэ соҕотох хаалбыт уонна хаһаайка утуйа сытарынан туһанан, тэлэбииһэри көтөҕөн тахсыбыт.
Доҕотторугар тахсан хаһаайка тэлэбииһэри ыларбын көҥүллээтэ диэн албыннаабыт. Уорбут малын 5000 тыһ.солк. атыылаабыт, харчытын барытын арыгыга бараабыт. Суһал көрдүүр үлэлэр түмүктэринэн, полиция үлэһиттэрэ 30 саастаах уорбаланааччыны туппуттар.
Арассыыйа Федерациятын Холуобунай Кодексатын 158 ыст. 2 ч. «Уоруу» диэн холуобунай дьыала тэриллибит. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: