Ыам ыйын 24 күнэ: этиҥнээх ардах, инчэҕэй хаар уонна +25 кыраадыс
24.05.2025, 07:00

Хаартыска: sakha-sire.ru
Бөлөххө киир:
Бүгүн, ыам ыйын 24 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар этиҥнэээх ардах, инчэҕэй хаар уонна +25 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Киин, илин эҥээр, соҕуруу, Халыма-Индигиир оройуоннарыгар сөҥүүтэ суох күн туруоҕа, оттон өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыuар кыралаан ардыаҕа, хотугулуу-арҕаа инчэҕэй хаар, Кэбээйигэ сорох сирдэринэн дохсун ардах, Өлүөхүмэ, Бүлүү бөлөх улуустарыгар, Кэбээйигэ сорох сирдэринэн этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ, сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Түүн салгын температурата +5+10°, хотугулуу-арҕаа -3,+2°, арҕаа сорох сирдэринэн +8+13°. Күнүс +20+25°, арҕаа сорох сирдэринэн +11+16°, хотугулуу-арҕаа +3+8°.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: