Ыччат үлэҕэ хамсааһынын тэрийсибитэ

Ыччат үлэҕэ хамсааһынын тэрийсибитэ

Ааптар:
03.11.2024, 19:30
“Эдэр коммунист” хаһыат отделын сэбиэдиссэйэ Василий Платонов. 1980 с.
Бөлөххө киир:

1985 сыл. Дьокуускайбыт биир бэлиэ, сэргэх, соторутааҕыта тутуллубут дьиэтигэр — Бэчээт дьиэтигэр — “Эдэр коммунист” хаһыат саамай туллубат тутааҕын курдук дьонугар, машинисткаларбытыгар, оннук эрдэ тиийэн, уочараттаан, түүн суруйбут ыстатыйаларбытын бэчээттэтэ охсон, салгыы матырыйаал хомуйа бараары тиэтэйэрбит. Үһүс этээскэ иккилии кирилиэһи көтүтэ ойуолаан тиийэн машинисткалар хосторун аанын иннигэр хорус гына түһэбин.

“ Бүтүн балаһаны суруйаары манна хонон турдум…”

— Хата, бүгүн бастакы буоллум, — диэн ботугуруом икки ардыгар оробуочай уонна тыа сирин ыччатын отделын аана аһылла биэрдэ да, Бааска Былатыанап дарайан тахсан кэллэ.

— Толя, бүгүн мин бастакыбын. Ыстатыйабын — сыалай балаһаны суруйаары манна хонон турдум,  — дии-дии дьээбэлэннэҕинэ буоларын курдук хараҕын кыаратан мүчүҥнүү-мүчүҥнүү күлэ турда.

— Оччоҕо, эн эрдэ кэлээччи Клавдия Андреевнаҕа оҕустараҕын, мин — Помаидаҕа…

— Суох. Хайата урут кэлэр да онно олоробун. Бүгүн Мэҥэҕэ Павел Шариҥҥа тахсыахтаахпын…

Ити курдук, “Эдэр коммунист” хаһыат үлэтин күнэ саҕаланна. Василий Платонов хаһыаппытыгар “Үрүҥ илгэ гвардеецтара”, “Үрдүк төлөһүтүү маастардара” диэн хамсааһыннары төрүттэспит, биир биллэр-көстөр суруналыыспыт этэ. Хаһыат хас да отделыгар сэбиэдиссэйдээбит, киэҥ билиилээх, үгүс киһини билэр, улахан уопуттаах, түргэн-тарҕан суруксут буолара. Кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын биһиэхэ, доҕотторугар, биирдэ эмэ иэйдэҕинэ-куойдаҕына кэпсиирэ.

Дьону аһынар, көмөлөһөр мөккүөрдээҕэ

Аҕата Платонов Василий Петрович Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, II Наахара Хочо сэлиэнньэтин олохтооҕо. Холкуос туруу үлэһитэ. Сүөһү биригэдьииринэн, маҕаһыын атыылааччытынан үлэлээбит. Ийэтэ Евдокия Михайловна иистэнньэҥ, суотчут. Биэс бииргэ төрөөбүттэрдээҕиттэн билигин иккитэ бааллар эбит.

— Ийэм — ырыаһыт, аҕам — олоҥхоһут, бары хаһыаты ааҕарбытын таптыырбыт. Вася ол да иһин суруналыыс буоллаҕа буолуо,  — диэн кэпсиир Василий эдьиийэ Платонова-Назарова Люция Дмитриевна,  — Вася эппитин хайаан да толорор, үлэһит, киһи соруйарын истэр, дьону аһынар, көмөлөһөр киһи этэ. Аармыйаҕа муоратааҕы байыаннай флокка сулууспалаан кэлбитигэр олбуорбутугар бырааһынньык тэрийбиппит. Марфа Колесова, Юрий Платонов, ийэлэрэ — эдьиийбит Фекла баара. Ырыа-тойук, оһуохай бөҕө буолбута. Бары көрө-көрө мотуруос формалаах бырааппытыттан астынан бөҕө. Бу бөдөҥө-садаҥа, доруобайа саха бухатыырын курдук этэ. Вася биир да үрүүмкэни испэтэҕэ: “Бэйэҕит иһиҥ, мин бу аска чугаһаабаппын”,  — диэбитэ. СГУ саха тылын салаатыгар үөрэнэ киирбитэ, онтон тута “Эдэр коммунист” хаһыат эрэдээксийэтигэр үлэҕэ киирбитэ. Бэрт элбэхтик ыстатыйалары суруйара. Биһиги, бииргэ төрөөбүттэрэ, кининэн киэн туттар этибит.

— Сайын, аҕам уоппускатын ыллаҕына наар Наахараҕа тахсан сайылыыр этибит,  — диир уола Василий Васильевич Платонов, — саас тиийэн аҕабын кытта хаптаһын кырыыһалаах дьиэбититтэн хаар түһэрээччибит. Аптабаксаалтан Амма оптуобуһугар олорон баран, аара тохтотон түһэн баран, сатыы барарбыт. Аҕам миигин окко илдьэ сылдьара. Бэйэтэ от охсорун олус сөбүлүүрэ. Иккиэммитигэр үчүгэй баҕайытык кумааҕы бэргэһэ оҥороро. Мин билигин ону оҥоро сатыыбын да, киниэнин курдук дьип-дьап тахсыбат. Биирдэ эмэ Бэчээт дьиэтигэр үлэтигэр сылдьыһарым. Сиэрэй кумааҕыны туттаран кэбиһэрэ, онно уруһуйдуурум. Маҕаны тыыттарбат этэ. Аҕам үгүс суруналыыс доҕоттордооҕо. Биһиэхэ сылдьар этилэр.

Умнуллубат суолу-ииһи хааллардаҕа…

Бааска уолун мин кыра эрдэҕинэ көрөр этим. Биһиги кинини көрө-көрө табаарыспыт аатын ааттатар киһи баарыттан испитигэр үөрэбит эрэ. Кырдьык, кини дьиэтигэр Федя Стручков, Гаврил Егоров, Ариан Егоров уо. д.а. буолан сылдьар этибит. Кэргэнэ Елена Алексеевна ыллыктаах санаалаах, киэҥ-куоҥ дууһалаах киһи этэ. Биһиги Сайсарыга тиийэн Бааска Былатыанап икки этээстээх мас уопсай дьиэтин утары кэккэлээн турар хоспохтортон биирдэстэригэр, Бааска киэнигэр, субуотунньуктуур этибит. Туох улахан үлэ кэлиэй — хаар түһэриитэ, хоспох чэҥин хоҥнорон быраҕыы, ыраастааһын буолара. Онтон, олорон эрэн, тыа сириттэн төрүттээх уолаттар буоларбыт быһыытынан, бултан саҕалаан арааһы барытын кэпсэтэрбит. Бааскабыт кэпсиирэ уратылааҕын билэр дьон бары ахта саныыллара буолуо. Кыратык тардыалатан ыла-ыла түргэн баҕайытык бүлүмүөттээн эрэр курдук төтүгүрэтэрэ, онтон кульминациятыгар хараҕын улахан баҕайытык көрө-көрө эйиэхэ нөрүйэн тоһоҕолоон биэрэрэ. Ол курдук, муоратааҕы байыаннай флокка сылдьыбытын туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсиирэ. Онтон командировкаларга сылдьан түбэспит түгэннэрин кэпсээн быара суох ыыталыыра. Уопсайынан, истэн олорооччулар кини айаҕар киирэн барыахтарын курдук таттарыылаах кэпсээнньит этэ.

Кини тыа сиригэр үгүстүк командировкаларга сылдьыбыт буолан, мин командировкаҕа бараары гыннахпына Бааскаттан киирэн сүбэлэтэрим. Киһим дьоһуннанан олорон блокнотун хасыһан кимнээҕи көрсүөххэ наадатын, ханна түһүөххэ сөптөөҕүн быһааран биэрэрэ. Киһи быһыытынан иһирэх, аһыныгас, дьон кыһалҕатын өйдүүр этэ. Холобур, Уйбаан Ушницкай Красноярскайга аан дойду чөмпүйэнээтигэр бараары онтон-мантан харчы көрдөөн баран булбатаҕын истэн, уоппускатын харчытын киниэхэ ууран биэрбит: “Эн хайаан да бу күрэхтэһиигэ барыахтааххын, үчүгэй репортаһы аҕалыахтааххын”, — диэбит.

Суруналыыс быһыытынан суруйара түргэнинэн-тарҕанынан, тустаах дьыалатыгар билиитэ киэҥинэн, дириҥинэн үгүстэртэн чорбойоро. Үлэһит быһыытынан киниэхэ бэриллибит сорудаҕы эҥкилэ суох толороро.

Бөдөҥ-садаҥ уҥуохтаах, уоһун иһигэр эйэҕэс мичээр кистэллээх, Саха сирин биир биллэр-көстөр суруналыыһа Василий Платонов ол кэмнээҕи хаһыаты ааҕар эдэр ыччат өйүгэр-санаатыгар умнуллубат суолу хааллардаҕа. Оттон 1990‑с‑2000 сылларга өрөспүүбүлүкэ сүрүн хаһыатыгар — “Саха сирэ” хаһыакка сурук отделын эрэдээктэринэн бэрт айымньылаахтык үлэлээбит кэмнэрэ бэйэтэ киэҥ кэпсээн, уһун ахтыы буолара чуолкай. Билигин, баара буоллар, Саха суруналыыстыкатын биир туспа суоллаах-иистээх суруксута буолуо этэ.

Анатолий Гоголев,

1984–89 сылларга “Эдэр коммунист” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.

Судаарыстыбаннай хаһыат түмэлин архыыбыттан хаартыскалар туһанылыннылар.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: