Үөһээ Бүлүү улуһуун баһылыга Валерий Николаев: «Ил Дархан быһа эпииргэ туох баар хайысханы барытын таарыйан кэпсэттэ»

Share

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев Айсен Николаев «Быһа лииньийэтин» туһунан санаатын үллэстэр:

— Эпииргэ Ил Дархан хаарбах дьиэттэн көһүү, суол-иис сайдыытын, социальнай өйөбүлү күүһүрдүү, олох-дьаһах хаһаайыстыбатын, гаастааһын, куораттар уонна нэһилиэктэр олорор усулуобуйаларын үрдэтии, үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын, тыа хаһаайыстыбатын тула ыйытыыларга сиһилии хоруйдаата. Айсен Сергеевич тыа хаһаайыстыбатын таарыйар ыйытыыга хоруйдууругар саҥа киирээри турар мэхэньиисими кэпсээтэ. Билигин улуустарга тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ анаммыт биир кэлим кэриҥнээх үбүлээһин көрүллэрин туһунан быһаарыыны ылынарга үлэ бара турар.

Ол көрүллүбүт үбү ханнык хайысхаҕа тутталларын улуустар бэйэлэрэ бас билэр буолуохтара, ол эрээри сүрүн хайысхаларын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөбүлэһиэхтэрэ.

Ону сэргэ бары улуустар үүт, төбө ахсааныгар, үүннэриигэ, оҥорон таһаарар бородууксуйаҕа бэйэлэрэ туһунан сорудахтаныахтара. Бу мэхэньиисим үлэҕэ киирдэҕинэ, биир өттүнэн улуустар кыахтара эмискэ элбиэҕэ, ону кытта эппиэтинэстэрэ эмиэ үрдүөҕэ. «СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэтин сүрүн сыала – Саха сирин олохтоохторун остуолларыгар хаачыстыбалаах, олохтоох бэйэ оҥорон таһаарар бородуксууйата элбиирэ», — диэн Айсен Сергеевич эттэ.

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уурааҕынан кэлэр сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ойуур харысхалыгар федеральнай бүддьүөттэн үп көрүллэрэ элбиирин туһунан Ил Дархан иһитиннэрдэ. Быйыл ойууру баһаартан харыстыырга 1,6 млрд. солкуобай көрүллүбүт буоллаҕына, эһиил — 2,7 млрд солк. көрүллүөҕэ.

Өссө биир сонун биллэриинэн, кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн МРОТ үрдээһинэ буолла. Ол курдук, МРОТ 56 тыһ. солк. тэҥнэһиэҕэ уонна хамнас үрдүүрүгэр тиэрдиэҕэ.

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин бары олохтоохторо өр кэтэспит тутуубутун — Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэни тутуу үлэтигэр бэлэмнэнии саҕаламмытын иһитиннэрдэ. Өлүөнэ муостата — ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар Арассыыйа үрдүнэн ханна да суох өрүһү туоруур муоста буолуоҕа.

Айсен Сергеевич Николаев быһа эфирга тахсан, өрөспүүбүлүкэ инники сайдыытын хайысхаларын сырдатан, элбэх дьон ыйытыыларыгар хоруйдаан, санаатын үллэстэн олус үчүгэй ис хоһоонноох иһитиннэрии буолла.

3,5 чаас устата Саха сирин Ил Дархана быһа эпииргэ туох баар бары хайысхалары таарыйан, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ бара турар үлэни инники былааннары сиһилии сырдатта.

Ил Дарханы кытта ыйыллыбыт хайысханан Сахабыт сирэ, тыабыт сирэ сайдарын туһугар иннибит хоту бары бииргэ!

What’s your Reaction?
+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

4 минуты ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

20 минут ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

32 минуты ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

36 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут эһээ уонна хос-хос сиэн сырдык кэриэстэригэр

Балбахов Виссарион Дмитриевич,  үйэ чиэппэрэ кэм  устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…

39 минут ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…

49 минут ago