Салгыы
Үөһээ Бүлүү улууһун Хомустааҕар искибиэри тупсараллар

Үөһээ Бүлүү улууһун Хомустааҕар искибиэри тупсараллар

07.08.2024, 18:45
Хаартыска Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгин Хомустааҕар саҥа искибиэри тупсарыы үлэтэ тэтимнээхтик барар.

«Куорат тупсаҕай эйгэтин» бырагырааматын чэрчитинэн олоххо киирэр  бырайыак нэһилиэк дьоно-сэргэтэ сынньанарыгар аналлаах диэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Искибиэр Павел Львов аатынан уулуссаҕа баар. Билиҥҥитэ тротуар билииккэтэ ууруллар, бордюрдар туруоруллаллар, бэлисипиэт турар сирэ, дьоҕус архитектурнай оҥоһуктар бетон тирэхтэрэ оҥоһуллаллар, о.д.а. үлэлэр бараллар. Киирии аартыкка уонна ааркаҕа сырдатар баҕаналары туруорар үлэ бара турар. Саҥа искибиэр нэһилиэк биир кэрэ миэстэтинэн буолуоҕа. Өссө сатыы дьон дьаарбайа хаамарыгар суол оҥоһуллуо, ыскамыайкалар туруохтара, бөҕү-сыыһы тоҕор ууруна турара былааннанар. Итини тэҥэ, оҕолор оонньуур уонна успуордунан дьарыктанар былаһааккалара баар буолуо.

«Паарканы тупсарыы – Хомустаах нэһилиэгин сайдыытыгар улахан суолталаах хардыы. Саҥа искибиэр нэһилиэк олохтоохторо сөбүлээн сылдьар, астына-дуоһуйа сынньанар сирдэрэ буолуоҕа. Нэһилиэк олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга, табыгастаах, кэрэ эйгэни үөскэтэргэ көмөлөһүөҕэ. Олохтоохтор искибиэр тутуллан бүтэрин олус күүтэллэр», – диэн СӨ Баһылыгын иһинэн баар Архитектура уонна куораты тутуу салалтатыгар кэпсээтилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: