Үөһээ Бүлүүгэ Бүлүү бөлөх улуустарын бэтэрээннэрин спартакиадата түмүктэннэ

Share

Бэс ыйын 8 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ  «Үс Хоһуун» стадиоҥҥа  Бүлүү бөлөх улуустарын бэтэрээннэрин VIII спартакиадата түмүктэннэ. Спартакиада быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар ананна.

Күрэхтэһиилэргэ Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ньурба уонна Сунтаар улууһун бэтэрээннэрин хамаандалара кииристилэр. Күрэхтэһиилэр дуобат, саахымат, хабылык, хаамыска, волейбол, остуол тенниһэ, бильярд, дартс, кыраккыы, пневматическай винтовканан ытыы, эстэпиэтэ, бальнай үҥкүү успуорт көрүҥнэригэр ыытылыннылар. Уопсай түмүгүнэн  Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата өрөгөйдөөх кылаан миэстэҕэ таҕыста уонна көһө сылдьар Спартакиада Кубогын ылла. Иккис бочуоттаах миэстэҕэ —  Бүлүү, үһүскэ — Ньурба улуустарын хамаандалара тигистилэр.

Хаартыска: Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

«Бэтэрээн спортсменнарбытын Спартакиада ситиһиилээхтик түмүктэммитинэн, кыайыыларгытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эһиил Бүлүү куоратыгар аныгыс Спартакиадаҕа көрсүөххэ диэри. Спартакиаданы тэрийэргэ күүс-көмө буолбут Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторугар, тэрийээччилэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит», — диэн улуус баһылыга Валерий Николаев ТГ-ханаалыгар иһитиннэрэр.

«Успуорт — олох нуормата» федеральнай бырайыак көмөтүнэн физкултууранан уонна успуордунан утумнаахтык дьарыктанар дьон ахсааннара лаппа элбиир.  2022 сыллаахха 39 бырыһыан эбит буоллаҕына, 2023 сылга  55 %- ҥа тиэрдиллибитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 102 успуорт араас көрүҥэ сайдар, успуорт 75 федерацията үлэлиир.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

53 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

5 часов ago